“Сайыҥҥы” ыарыылар тустарынан педиатр Светлана Ивановна Миронова салгыы кэпсиир. Илиистик ыарыы «кирдээх илии ыарыыта» диэн ааттанар. Дьиэ кыыла эмиэ тарҕатааччынан буолар. Ыарыыны эмтииргэ сутуллубут киһи эрэ буолбакка, ыал барыта эмтэниэхтээх.
Илиистик иилистибит
Киһи иһигэр илиистик (глисты) үөскүүрүн гельминтоз ыарыы диэн ааттыыллар. Ыалдьыбыттар 80 %-нара – оҕолор. Илиистик сымыыта буорга баар буолар. Биир илиистик күҥҥэ олус элбэх, 450 тыһыынчаҕа тиийэ сымыыты уурар. Онон оҕуруот аһын, фруктаны үчүгэйдик сууйбат, илиитин сууммат киһи бу ыарыыны дэбигистик хабар.
Илиистиктээх киһи туалекка сылдьан баран, илиитин сууммат буоллаҕына, илиититтэн таҥаска, атын малга сыстан, атын дьоҥҥо тарҕанар. Дьиэ кыыла эмиэ илиистиги тарҕатааччынан буолар.
Дьиктитэ баар: төрөөбүт сирин илиистигэр киһи иммунитеттаах буолар. Онтон атын сиргэ көстөххө, илиистиктэр “атын” буолаллар эбит. Онон атын сиргэ-дойдуга ордук кичэйэн сууна-тараана сылдьыахтааххыт.
Гельминтоз ыарыы буулаабытын хайдах билэбит?
Илиистик буулаатаҕына, киһи бастаан утаа аллергиялаабыт курдук буолар. Сороҕор температурата 37 кыраадыска диэри тахсар. Чэпчэтинэр хайаҕас диэкинэн кыһыйар. Сэниэтэ суох, утуйа мээрик буолар, аһыан баҕарбат, сыптарыйар эбэтэр сааҕа хатар.
Илиистик бастаан киһи иһигэр сылдьар, хас эмэ сыл сырыттаҕына, эмтэммэтэххэ быччыҥҥа, эккэ киирэр. Оччоҕо киһи сүһүөҕэ уонна быччыҥа ыалдьар буолар. Салгыы быарга киирэн, киһи гепатит ыарыы буолар.
Төрөппүт тугу гыныахтааҕый?
Оҕо илиистиктэннэҕинэ, оҕо утуйар, ис таҥаһын мыылалаах, суодалаах ууга оргуталлар. Тас таҥаһын көннөрү сууйаллар. Түннүк, дьыбаан, кириэһилэ сабыытын хлордаах, уксустаах ууга сууйаллар. Дьиэ малын, эркинин, ордук көбүөрү, сымнаҕас миэбэли эмиэ итинник састааптаах уунан ыраастыыллар.
Бу ыарыыга сутуллубут оҕо эрэ буолбакка, дьиэ кэргэн барыта эмтэниэн наада.
Гельминтоз сыстыбатын туһуттан оонньоон, буорга үлэлээн, чэпчэтинэн кэлэн баран, хайаан да, илиигитин мыылалаах уунан сууна сылдьыҥ. Оҕуруот аһын, фруктаны эмиэ кичэйэн сууйуҥ.
Ааптар: Таисия Алексеева