Самаан сайыммыт бүтэрэ аҕыйах хонук хаалла. Оҕолор дуоһуйа сынньанан, чэбдик салгынынан тыынан, ыраас ууга сөтүөлээн, сайын барахсан ааспытын, үөрэх дьыла тирээн кэлбитин билбэккэ да хааллылар. Ол эрээри сайын “куһаҕан кэһиилээх” буолааччы. “Сайыҥҥы” ыарыылар тустарынан педиатр Светлана Ивановна Миронова кэпсиир.
Быт ыстаҕына
Быт диэн былыр-былыргыттан билиҥҥэ диэри тиийэн кэлбит дьон-аймаҕы эрэйдээбит харамай буолар. Билэрбит курдук, ордук бэйэтин хараммат-көрүммэт, сууммат-тарааммат дьон быттаналлар. Уонна … дьыссаат, алын кылаас оҕолоро.
Оҕо быттаммытын, төбөтүн сотору-сотору тарбанар билиэххэ сөп.
Биллэн туран, быттаах оҕолор кыбыстыахтарын, атын дьонтон саатыахтарын сөп. Бу түгэҥҥэ оҕону наһаа аһары мөҥөр, саатырдар табыллыбат. Быт кимиэхэ баҕарар сыстыан сөп. Төрөппүт оҕоҕо ыраастык тутта-хапта, баттаҕын сууна, тараана сылдьыахтааҕын, атын киһи тарааҕынан, сотторунан туттуо суохтааҕын санатара туһалаах буолуо этэ.
Хайдах эмтииллэрий? Оҕо баттаҕын “Черемичная вода” диэн аптекаҕа атыыланар убаҕас эминэн сотоллор. Бу кэнниттэн быт, быт сымыыта суох буолуор диэри күн аайы ылгыыллар. Быты тарыыр анал тарааҕы сылытыллыбыт уксууска уга-уга тараатахха, ордук көдьүүстээх буолар. Маны таһынан, «Нюда», «Фоксилон», «Педилин», «Паразидоз» диэн аныгы, ыарахан сыаналаах эмтэр бааллар.
Оҕо утуйар, ис таҥаһын ууга оргутаҕыт. Атын таҥастарын итии ууга сууйар, сымнаҕас миэбэли, көбүөрү, массыынаҕыт олбохторун пылесоһунан оботторор, ыраастыыр ордук.
Керосинынан, уксууһунан оҕо төбөтүн сотуо суохтааххыт!
Ааптар: Таисия Алексеева