Билигин Дьааҥы улууһун тыйыс айылҕата саҥа тыллыбыт күөх үүнээйитэ силигилии сайдан, ситэн-хотон эрэр кэмэ. Улуустааҕы Оҕо Киинин «ЮнИс-Эко» куруһуоҕун үөрэнээччилэрэ Баатаҕай бөһүөлэгин тулалаан турар мырааҥҥа тэриллибит «Аргыс» (Спутник) экологическай ыллык устун үлэбит саҕаламмыта уонча сыл буолла. Ол эрээри, икки сыллааҕыта «Дьааҥы кэскилэ» оҕо общественнай тэрилтэтэ Россия Президенын фондатын гранын куонкурсугар кыайыаҕыттан бу үлэбит суолтата өссө улаатта, кэҥээтэ-тэнийдэ. Салгыы оҕолор кэпсээннэрин болҕойуҥ.
Туох сыаллаах-соруктаах бу ыллыкка кэллибит?
Винокурова Вероника, 7 кылаас үөрэнээччитэ:
– Экологическай ыллык тулалыыр эйгэни кытта билсиһэргэ, үөрэтэргэ тэриллибит маршрут. Бу темаҕа чинчийэр үлэ суруйа сылдьабыт. Быйыл Баатаҕай бөһүөлэгин тулатыгар өссө биир саҥа маршруту былаанныыбыт. Бу үлэҕэ мин сыалым — айылҕаҕа оҕолор интэриэстэрин тардар, үөрэтэр экскурсиялары тэрийээһин буолар.
Окладникова Сандаара, 7 кылаас үөрэнээччитэ:
– Мин Илларионова Алина, онтон Неустроева Ира саҕалаабыт үлэлэрин салҕаан, ыллыкпыт үүнээйилэрин үөрэтэн быйыл саҕалаатым. Үөрэх дьыла түмүктэниэҕиттэн бу сиргэ хаста да сырыттыбыт, сырыы аайы саҥаттан саҥа үүнээйилэр сибэккилэнэн уларыйыы тахса турар эбит. Гербарий хомуйабыт, бэлэмнээн баран, ыллыкка баар үүнээйилэр альбомнарын оҥорон таһаарыахтаахпын. Альбому үөрэнээччилэр, учууталлар даҕаны туһаныахтара дии саныыбын. Бу ый бүтүүтэ Дьокуускайга норуоттар икки ардыларынааҕы интеллектуальнай оонньуулар иилэринэн эдэр чинчийээччилэр оскуолаларын үөрэҕэр кытта бараары сылдьабын, онон бу үүнээйилэри үөрэтэрим олус тоҕоостоох буолла.
Бары биир формалаах сылдьар эбиккит, хантан ылбыккытый?
Винокурова Каролина, 8 кылаас үөрэнээччитэ:
– Президент гранынан ыллык экскурсоводтарыгар анал логотиптардаах футболка уонна бейсболка ылбыппыт, онтон аҕыйах хонуктааҕыта Оҕо киинигэр «Юные Якутяне» тэрилтэттэн «Оҕо хамсааһынын» ветерана Нина Афанасьевна Барашкова кэлэ сылдьан ветровкалары бэлэх хаалларбыт. Сөрүүн кэмҥэ кэтэргэ бэртээхэй таҥас эбит. Мин ойууру баһаар сиэн ааспыт сирэ төһө өр уонна хайдах чөлүгэр түһэрин үһүс сылын үөрэтэбин, ол да буоллар элбэх үүнээйи арааһын билиэхпин баҕаран бу ыллыкка эмиэ экскурсоводтуубун.
Эһиги бары ыллык экскурсоводтара буолаҕыт дуо?
Слепцова Диана, 8 кылаас үөрэнээччитэ:
– Оннук, бары экскурсоводтарбыт. Бу ыллыкка кэпсииргэ тус-туспа темалардаахпыт, ол эрээри төрөөбүт дойдубут үүнээйитин арааһын билэрбит барыбытыгар наада. Билигин биһигини кытта Ирбэт тоҥ биологическай проблемаларын Институтугар үлэлиир Анастасия Петровна Слепцова сылдьыһар. Кинини кытта бииргэ сылдьан, өссө элбэҕи билиэхпит дии саныыбын. Мин эмиэ туспа үлэлээхпин — Дьааҥы улууһун холобуругар, Саха сирин арктикатыгар топинамбур үүннэриэххэ син эбит дуу диэн эспериментальнай үлэнэн дьарыктанабын. Ити үлэни Бүтүн Россиятааҕы «Сириус» проект чэрчитинэн АГАТУ магистрана Денис Алексеевич Иванов наставниктаах Оҕо киинигэр тэрийэн үлэлиибит.
Ити курдук, оҕолор бэйэлэрин санааларын үллэстэн төрүт айылҕаларын, тулалыыр эйгэни интэриэһиргээн үөрэтэллэрин билиһиннэрдилэр. Биһиги куруһуокпутугар чинчийэр үлэ атын хайысхаларынан дьарыктанар оҕолор өссө да бааллар, онон үлэбит салҕанар, сайын устата өссө да элбэҕи билиэхпит-үөрэтиэхпит диэн эрэнэбит.
Чинчийээччи оҕолор салайааччылара Мария Николаевна Артемьева