Хаҥалас улууһун Улахан Аан нэһилиэгин Матрена Егоровна Васильева аатынан 2-с Малдьаҕар орто оскуолатын 5-с кылааһын үөрэнээччилэрэ сайыҥҥы кэмҥэ сайылыкка тахсан хайдах сынньаммыттарын кэпсииллэр. Бу нэһилиэктэн төрүттээх фотограф Владимир Григорьев сыллата алаастарга тахсан ыанньыксыттары, ферма олоҕун хаартыскаҕа түһэрэр. Былырыын уонна быйыл фотограф объективыгар Сахаяналаах Галя түбэһэ биэрэн, бэртээхэйдик түспүттэрин көрөҕүт.
Галя Туприна, 11 саастаах:
— Сайын аайы биһиги дьиэ кэргэммитинэн Уу Көхсө диэн сайылыкка сайылыы тахсабыт. Сайын биһиги оҕолору кытта киэһэ оонньуу барабыт, итии күн буоллаҕына күөлгэ эбэтэр бассейҥҥа сөтүөлүүбүт. Убайдарбыт, таайдарбыт сайыны быһа оттууллар, биһиги күнү быһа оонньуубут уонна эбээлээх эһээбитигэр көмөлөһөбүт. Эбээлээҕим 4 ынахтаахтар, 4 ньирэйдээхтэр, 2 сибиинньэлээхтэр, 8 кууруссалаахтар, 1 куоскалаахтар, 1 ыттаахтар.
Сир астыыр бириэмэ кэллэҕинэ, элбэх буолан бары сир астыы барабыт. Алааспытыгар икки телятник баар, биир уопсай хотон уонна үүт туттарар собуот баар. Атырдьах ыйыгар биһиги төттөрү Улахан Ааҥҥа көһөн киирэбит, эбээлээхпит балаҕан ыйыгар диэри хаалаллар.
Cахаяна Васильева:
— Сайын биһиги Уу Көхсө алааска көһөн тахсабыт. Онно мин ийэбэр көмөлөһөбүн, эдьиийбин кытары тарбыйах көрбүтүм. Ынахтары үүртэлиибит, күрүөлэргэ киллэртиибит. Оҕурсу, помидор, сибэкки олордобут. Алта ынахтаахпыт. Саамай кырдьаҕаспыт Королева, онтон Мавра, Далаана, Двойка, Наамыска, Сибэкки. Кыһын эмиэ ийэбэр хотоҥҥо көмөлөһөбүн. Кууруссалардаахпыт, кинилэри аһатабын. Быйыл сайын дьэдьэннээтибит, отонноотубут, моонньоҕонноотубут. Оҕолору кытта сөтүөлүүбүт. Оҕолор сайын устата дьонноругар көмөлөһөллөр. Мин улааттахпына уруһуйдьут буолуохпун баҕарабын. Сыл аайы оскуолаҕа ыытыллар “Сайылык оҕото” бырайыакка кыттабын. Былырыын мин онно иккис миэстэ буолбутум.
keskil14.ru