Самаан сайыммыт барахсан кэлбитэ эчи үчүгэйин! Сахабыт сиригэр кылгастык да күлүм гынан ааһара биһиги өйбүтүгэр-санаабытыгар хаһан да умнуллубаттык, сылаастык сөҥөн хаалар, уһун кыһын тухары сылаанньытар. Ким ханна, хайдах сынньана сылдьар? Биһиги редакциябытыгар keskilpress@mail.ru аадырыска суруйан ыытаргытын олуһун диэн күүтэбит!
Сандра Федорова, Майатааҕы Ф.Г. Охлопков аатынан орто оскуола VI “Б” кылааһын үөрэнээччитэ:
Күүтүүлээх сайыммыт кэллэ. Үс ый толору дуоһуйа сынньанабыт, оонньуубут-көрүлүүбүт. Мин эбэбэр Бүтэйдээххэ барабын. Онно сайынын наһаа үчүгэй буолар. Ону тэҥэ дьиэ кэргэммин кытта Аммаҕа, Булууска күүлэйдии, сөтүөлүү барарбытын кэтэһэбин. Быйыл эмиэ барыахпыт дии саныыбын. Урукку оҕолор иллэҥ кэмнэрин олус туһалаахтык атаараллара, элбэх оонньуулары, хоһооннору айаллара. Мин эмиэ бу сайын тугу эмит айыахпын баҕарабын.
Сайын устата оскуолабын уонна учууталларбын ахтыаҕым, Билии күнүн күүтүөҕүм.
Слава Скрябин, Саха гимназия V “Б” кылааһын үөрэнээччитэ:
Мин хас сайын аайы дьоммун кытта дэриэбинэҕэ барабыт. Ол курдук, быйыл ийэбин уонна балтыбын кытта Чурапчыга сынньанан кэлбиппит, онтон Майаҕа барабын. Манна эбэлээх эһээм олбуордарын иһэ күп-күөх, ып-ыраас. Быйыл мин хортуосканы уонна сибэккини олордорго көмөлөстүм. Хортуосканы эһэм интэриниэккэ көрбүт тиэхиньикэтинэн олордубуппут. Ардах түспэтэҕинэ киэһэ аайы оҕуруокка уу кутабыт уонна күнү быһа араас оонньууну оонньуубут. Мин бары олорон хаартылыырбытын сөбүлүүбүн.
От ыйын ортото бырааттарбын кытта оттоһо барсыахтаахпыт. Быйыл от үлэтигэр иккиспин сылдьыахтаахпын. Урут сыл аайы Чурапчыга оскуола лааҕырыгар сылдьааччыбын, быйыл көтүттүм.
Мин дэриэбинэҕэ сынньанарбын наһаа сөбүлүүбүн, сотору бассейны туруоруохпут, оччоҕо өссө үөрүүбүт улаатыаҕа.
Оҕолор, сайыҥҥы сынньалаҥҥытын туһалаахтык, умнуллубаттык атаараргытыгар баҕарабыт!