Сайыҥҥы сыралыйар куйаас күннэргэ сөрүүкүү таарыйа, моруосунай сиирбитин туохтааҕар да ордоробут. Эдэр талааннаах блогер, ас астааһын эйгэтигэр бастакы дьоһуннаах хардыыларын киллэрэн эрэр Вероника Винокурова @veronika_fan_van_ судургутук уонна түргэнник оҥоһуллар олус минньигэс моруосунай ырысыабын үллэстэр.
Биһиэхэ наада буолар:
—400-500 мл сүөгэй ( 33-35%);
-саахар буударата;
-сөбүлээн сиир бэчиэнньэбит (ким ханныгы сөбүлүүрүнэн);
— “Оrео” бэчиэнньэ;
-уонна 200 мл хойуннарыллыбыт үүт (сгущенка).
1. “Оrео” бэчиэнньэни кириэмиттэн араарабыт. Бэчиэнньэтин туспа кумах курдук бытарыйыар диэри блендердыыбыт.
2. Улахан иһиккэ 400-500 мл сүөгэйи уонна саахар буударатын кутан блендердиибит. Олус кыраны кутуохха наада, хойуннарыллыбыт үүт эмиэ минньитиэҕэ.
3. Онно хойуннарыллыбыт үүппүтүн кутабыт. “Оrео” кириэмин тохтоло суох хойдуор диэри булкуйабыт.
4. Моруосунайбыт өссө минньийэрин туһугар үлтүрүппүт бэчиэнньэбитин кутабыт.
5. Улахан нэлэгэр миискэни ылан, бэйэбит сөбүлүүр бэчиэнньэбитин быыһа суох элбэҕи тэлгэтэн уурабыт. Бу үрдүгэр моруосунайбытын кутан тарҕатабыт. Ол үрдүнэн эмиэ бэчиэнньэбитин уурталыыбыт. Чараас салапаан бүрүөһүнүнэн суулаан баран халадыынньык тымнытарыгар 4-5 чаас устата угабыт. Үчүгэйдик тоҥуохтаах.
Сөрүүкэтэр минньигэс моруосунайбыт бэлэм буолла! Бэйэҕит да, дьиэлээхтэргит да олус сөбүлээн сиэхтэрэ диэн эрэнэбит!
Бэлэмнээтэ Санаайа Степанова, ХИФУ устудьуонката.