Сахабыт сирин сайына баран кылгас, ол эрэн олус кэрэ! Итии сылаас күннэри баттаһа киһи-аймах уһун кыһыныгар сүөһүтүгэр от бэлэмниир, ким эрэ дьиэтин өрөмүөннүүр, сир астыыр.
«Сайыҥҥы биир күн дьылы аһатар» диэн бэргэн этии баар. Биһиэхэ, оҕуруоччут оҕолорго, бу саамай сөптөөх туһаайыы. Быйылгы сезоҥҥа агро оскуолабыт теплицэтигэр 5 оҕо буолан үлэлиибит. Теплицэбитигэр оҕурсу, перец, арбуз, помидор хото үүнэ тураллар. Оҕурсууну хайыы-үйэҕэ атыыга нэһилиэнньэҕэ таһаарбыппыт. Тас өттүгэр хаппыыста икки араас суорда, кабачок, хортуоска, укроп, сөбүөкүлэ, салат, моркуоп, лук икки арааһа эмиэ олус учугэйдик үүнэ тураллар. Сайыммыт кылгас, ол гынан баран үрүҥ түүнэ үүнэйи үүнэригэр, ситэригэр табыгастаах. Быйыл өссө яблоня, черемуха, акация олордубуппут. Маныаха халлаан туруга өрүү күлэ-үөрэ, алы гына турара улахан суолталаах.
Барыта этэҥҥэ үчүгэйдик улаатан үүннэхтэринэ, күһүн, кыһын, саас оскуолаҕа эбии аһылыкпытыгар сылы быһа битэминнээх аһы сиэхпит. Күһүөрү тобус толору дьэнкир иһиттэргэ оҕурсуу туустаныа, хачыгырас хаппыыста бэлэмнэниэ.
Мин быйыл иккис сылбын үлэлиибин. Үлэбин сүрдээҕин сөбүлүүбүн. Быйыл быдан уопутуран дьиэм да теплицэтигэр көмөм улахан. Элбэҕи билэ-көрө улаатарбыт инники олохпутугар олус туһалыаҕа диэн бүк эрэллээхпин. Наставникпытыгар Евдокия Вячеславовна Другинаҕа улахан махтал буолуохтун! Кини үүнээйилэрин хара аан маҥнайгыттан бүөбэйдээн, оҕолорун курдук иитэн-такайан, көрөн-истэн таһаартаан улаатыннарбытын биһиги тутан, уһуйаан оҕолорун курдук көрө-истэ улаатыннарарбыт санааҕа да астык! Ити, курдук сайыммын олус туһалаахтык, айымньылаахтык атаарарбыттан санаам көтөҕүллэр, сүргэм үөрэр.
Анжелика Васильева,
XI кылаас,
Арыылаах, Дьааҥы