Сайдыы суола диэн тимир суолу этэбит. Ону батыһан, Сахабыт сирин соҕуруу өттүгэр экспедицияҕа сырыттыбыт. Ол туһунан ааҕыҥ, сэргээҥ.
Айаммыт маҥнайгы күнэ көрүдьүөс соҕустук саҕаламмыта. Поезд суолун көрөөт, Бориспыт: “Поезд муоһа”, – диэн алҕас саҥарбытын, ким эрэ: «Ол поезд муостаах дуо?» – диэн ыйытан, күлсүү бөҕө буолбуппут. Ким эрэ Айыынабыт саппыкытын кистээн, кыыспыт атах сыгынньах сүүрбүтэ. Күлүү киһи олоҕун уһатар, ол биһиги айаммыт арахсыспат аргыһа.
Сандаара СЕМЕНОВА.
***
Аллараа Бэстээххэ тимир суол вагонугар олорсуум миэхэ саамай умнуллубат күнүм. Комсомол 100 сылынан БАМ бастакы поеһа кэлэригэр бэлэмнэнэн, күүстээх үлэ бара турар кэмэ этэ.
Алеша ЫКЧАНОВ.
***
Иккис күҥҥэ биһиги бары Үөһээ Аммаҕа сынньаммыппыт, сөтүөлээбиппит. Киэһэ массыынанан Амма очуостарын көрө барбыппыт. Кылгас кэмҥэ балыктыы сатаабыппыт да, хаптарбатахпыт. Никита, күөгүтүн хостоору, ууга түһэн, дэлби күллэрбитэ.
Мотя ТАРАБУКИНА.
***
Төрдүс күммүтүгэр “Селигдарзолото” тэрилтэҕэ ыалдьыттаабыппыт. Онно инструктаж ааһан, сэлиэт, кааска кэтэн, көмүһү хайдах хостуулларын көрбүппүт.
Артур ВАСИЛЬЕВ.
***
Бэһис күммүтүгэр көмүһү хостуур тэрилтэҕэ сылдьыбыппыт. Онно биһиэхэ үлэлэрин туһунан кэпсээбиттэрэ. Көһөҥө курдук улахан тааһы үлтүрүтэллэрин, онтон карьерга тиийэн, аны көмүһү хайдах хостуулларын көрбүппүт.
Борис НЕСТЕРОВ.
***
Онтон хайаҕа тахсыбыппыт. Таһаҕас тиэйэр уп-уһун поеһы үөһэттэн көрөн, олус сөхпүппүт.
Айысхан АФАНАСЬЕВ.
***
Сэттис күммүтүгэр Хатыыстыырга Доҕордоһуу күнүн тэрийбиппит. Биһигини олохтоох оҕолор үчүгэй баҕайытык көрсүбүттэрэ. Кинилэрдиин биһиги түүнү быһа оонньообуппут.
Никита ОКОНЕШНИКОВ.
***
Алдантан төннөр күммүтүгэр халлааммыт тымныы этэ. Дьиэбитигэр кэлэн баран, экспедицияҕа атаарбыт дьоллоох кэмнэрбитин ахта санаабыппыт.
Егор БРАВИН.
***
Бу айан кэнниттэн биһиги элбэх умнуллубат күннэннибит. Көмүс туһатын, буортутун туһунан бэрт элбэҕи биллибит.
Алдаҥҥа биир да төрөппүтэ суох барбыппыт. Бэйэбитин бэйэбит дьаһанан, көрүнэн сылдьыбыппыт наһаа үчүгэй этэ.
Айан ТОРДУИН.
***
Сыл аайы, үөрэх дьыла саҕаланыыта, Табаҕа тумуһугар тахсыы биһиги оскуолабытыгар үгэскэ кубулуйда. Бу тэрээһин уратыта – алгыс ылан, саҥа үөрэх дьылыгар күүс-уох эбинии, Ийэ айылҕаҕа сүгүрүйүү.
Саша БОЕСКОРОВ.
***
Табаҕа тумуһуттан төннөрбүт саҕана ардах түспүтэ. Туох баар малларбытын ыскаатарынан саппыппыт. Оҕолор самыырга кэтэр анал соннорун кэппиттэрэ, сорохтор шатерга хорҕойбуттара.
Аня ЗАХАРОВА.
***
Айылҕалыын алтыһыы биһигини түмсүүлээх, эйэлээх, чөл туруктаах оҥорор. Ким ыллыыр, сорох гитараҕа оонньуур, ким эрэ мээчиктиир. Олус үчүгэй!
Анжелика АРГУНОВА.
***
Ханнык баҕарар айан айылҕа кистэлэҥнэрин кэтээн көрөргө, ону олоххо сатаан туһанарга, өй-санаа өттүнэн сайдарга, тулуурга үөрэтэр. Салгыы өссө элбэх экспедицияҕа сылдьыахпыт диэн эрэнэбин.
Эвелина ГУЛЯЕВА.
Дьокуускай куорат 12 №-дээх оскуолатын VIII “Б” кылааһын оҕолоро.