Түҥ былыргыттан киһи айылҕаны кытта алтыһан, эйэлээхтик олорбута: чэбдик салгынынан тыынан, ыраас ууну иһэн. Ол эрээри, киһи аймах сайдыы суолун батыһыаҕыттан ыла, айылҕа кэхтэн, дьүдэйэн киирэн барбыта, элбэх моһол үөскээтэ. Дьон-сэргэ дьалаҕай быһыытын, хаҕыс сыһыанын ийэ айылҕабыт тулуйарыттан ааһан эрэр…
Саха сирин экологията билиҥҥи кэмҥэ наһаа куһаҕана суох. Биһиэхэ собуоттар, фабрикалар суохтар. Ол эрээри сорох улуустарга экология мөлтөх.
Доруобуйабыт айгырыыр
Биһиги Бүлүүбүтүгэр ГЭС уонна Бүлүүтээҕи уу хаайар сир оҥоһуллуоҕуттан энергетиканы кытта айылҕаҕа алдьатыылаах түгэннэр буоллулар.
Барытын ааҕан сиппэккин: тыалар бүтүннүү ууга барыылара, климат уларыйыыта. Ракета үлтүркэйэ, тобоҕо ууга түспүтүттэн уу араас радиоактивнай сабыдыалланна. Бүлүү өрүс кытылыгар олорор олохтоох нэһилиэнньэ доруобуйата айгыраата, кыыл, сүөһү көрүҥэ аччаата, сорохторо ончу сүттэ.
Киһи дьалаҕайыттан…
Улууспутугар өссө биир сүрүн кыһалҕа – баһаар. Кэлиҥҥи кэмҥэ элбээтэ. Содула улахан: от-мас уокка былдьаныыта, үйэни моҥообут экосистема кэһиллиитэ, салгын буортуйуута, доруобуйа кэхтиитэ уонна дэҥҥэ киһи өлүүтэ. Хомолтолооҕо диэн, бу үксүн киһи дьалаҕай быһыытыттан тахсар.
Иһэр-аһыыр уу – уустук боппуруос
Биһиги олорор Илбэҥэбитигэр экологиябыт туруга намыһах. Күөлбүт испиэскэлээх буолан, дьон тииһэ алдьанар, истэрэ ыалдьар буолла. Ол иһин иһэр-аһыыр уубутун дэриэбинэттэн ыраах турар карьертан ылабыт. Дьиҥэр, ону суол оҥоруутугар хаспыттар эбит. Инньэ гынан, биһиэхэ иһэр уубут уустук боппуруос буолбута ыраатта.
Сынньанары сатааҥ!
Аны дьон-сэргэ айылҕаҕа сынньанан баран, бэйэтин кэнниттэн бөҕү-сыыһы хаалларар. Олорор дьиэҕин дьаһанарыҥ курдук, олорор сиргэр бөҕү-саҕы мээнэ бырахпакка, дьаһайа сылдьыахтааххын. Ону хас биирдии киһи өйдүөхтээх.
Үлэни саҕалыахха!
Арай хас биирдии киһи айылҕабытыгар харыстабыллаахтык сыһыаннастаҕына, экологиябыт тупсуо этэ.
Сарсын үчүгэй усулуобуйаҕа олорору ситиһэргэ, бүгүҥҥүттэн сөптөө
Лилианна ПАВЛОВА,
XI кылаас.
«Көмүс бөрүө» пресс- киин. Баппаҕаайы
М.А. Алексеев аатынан оскуолата.
Илбэҥэ, Бүлүү.