Сахаяна Семёнова, Үөһээ Бүлүү улууһун Далыр нэһилиэгин орто оскуолатын ахсыс кылааһын үөрэнээччитэ. Кини араас сибэккилэри, оҕуруот арассаадаларын, оннооҕор дьаабылыканы, мандарины, лимону, гранаты олордон бириэмэтин туһалаахтык атаарар.
— Биһиги Семеновтар дьиэ кэргэн алтабыт. Аҕам баһаарынай чааска начальнигынан, ийэм “Тускул” оҕо уһуйааныгар үлэлииллэр. Эдьиийим Сандаара тохсус кылааһы, балтым Сайыына үһүс кылааһы ситиһиилэхтик бүтэрдилэр. Саамай кырабыт Егорка, кини үс саастаах.
Үөрэхпэр үчүгэйбин, оскуоланы бүтэрдэхпинэ юрист эбэтэр геолог буолуохпун баҕарабын. Иллэҥ кэммэр тик-токка араас видеолары уһулабын, sem_sa_8008 — подпискаланаарын.
Сайын араас сибэккилэри, оҕуруот аһын үүннэрэрбин сөбүлүүбүн.
Арассаадаларым сиэмэтин эбээм Вера Саввична биэрэр. Ону таһынан, бэйэм дьаабылыка, мандарин сиэтэхпинэ сиэмэтин хатардан олордооччум. Эбээм уонна учууталым Евдокия Егоровна хайдах сөпкө оҕуруоту көрөргө сүбэлииллэр.
Быйыл учууталым лимон, гранат арассаадатын биэрбитэ, ону кашполарга көһөрөн хоспор ууран көрө сылдьабын.
Арассаадаларбын саамай күн көрөр сиригэр түннүккэ үүннэрэбин. Быйыл эбээм Раиса Никитична салгын ыраастыыры биэрбитэ олус туһалаата. Сибэккини туохтааҕар да ордорорбун билэн, кылааһым салайааччыта Марианна Владимировна петуния араастарын, астра,бархатцы биэрдэ, аҕам клумба оҥортоото.
Онтон күһүн оскуолаҕа барарбар, ийэм учууталларбар бу маннык сибэкки дьөрбөтүн оҥорон биэриэҕэ.
Бу курдук, мин сөбүлүүр дьарыкпын дьоннорум, учууталларым өйүүллэриттэн мин олус үөрэбин. Бэйэм саастыылаахтарбар, сайыҥҥы сынньалаҥы туһалаахтык атаарыахха диэн ыҥырабын.
О5олоор, онтон эһиги сайын тугу гынаҕыт? Биһиэхэ суруйуҥ, бэйэҕит сөбүлүүр дьарыккытын кэпсээҥ.
Кэпсэттэ, Зинаида Григорьева