Тохсунньу 25 күнүгэр технология учууталларын тэрийиитинэн көрдөөх стартар буоллулар.
Бу күрэхтэһиигэ 5-11 кылаастар бары үс хамаандаҕа арахсан кытыннылар. Күрэхтэһии араас тыҥааһыннаах түһүмэхтэрдээҕэ, холобур: сылгы симэҕин, тэрилин сөпкө ууруу, сылгы симэҕин ааттарын таайыы, оҕуруону өҥнөрүнэн тиһии, сиэл мээчиги таба быраҕыы, урукку маллары ааттарын таба этии, хапытааннарга мас тырыыҥканы кыһыы, тоҥ балыгы хатырыктааһын., тоҕоһону таба охсуу уо.д.а.
Үөрэнээччилэр күрэҕи сэҥээрдилэр. Ол эрэн, «Ордук ыарырҕаппыт түһүмэхтэрэ «Сылгы симэҕин таба ууруу»» — диэн бэлиэтээтилэр. «Сорох тэриллэри саҥа көрөн мунаахсыйбыппыт. Маннык маллары туһаммат буолан билбэт эбиппит» — диэн түмүккэ кэллбиттэр.
О5олор күрэхтэһииттэн элбэх саҥаны билэн, тутан-хабан көрөн олус биһирээтибиттэр. Оскуола оҕотун, эдэр ыччатын эт-хаан сайдыытыгар иитии сыала-соруга диэн оҕо чэгиэн-чэбдик, доруобай, чөл олохтоох, эргиччи сайдыылаах буола үүнэрин ситиһии буолар.
Слепцова Изольда 6 кылаас
Винокуров Мирик 6 кылаас
Орто Халыма, Өлөөкө-Күөл б