Бүгүн, сэтинньи 2 күнүгэр, Н.Е.Мординов аатынан “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһата эдэр ыччакка сахалыы эйгэни тэрийэр саха тылын, литературатын, төрүт култуура учууталларын, бибилэтиэкэрдэри, психологтары “Кэскил” хаһыат тула бэйэ уопутун тарҕатыы” диэн ZOOM кэмпириэнсийэни тэрийдэ.
Сүбэ-көрсүһүү тэрээһинин оҕо бэчээтин кыһатын сүрүн эрэдээктэрэ Татьяна Ильинична Жиркова бэрт сэргэхтик саха тыла сайдарыгар ыҥырар ис хоһоонноох алгыһынан арыйда. Барыта 88 киһи кыттынна.
Ол курдук, педагогическай наука кандидата, Саха сирин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ В.П. Ноговицын, “Саха оҕотун уйулҕатынан көрөн үөрэтии” диэн тиэмэлээх иһитиннэриитинэн саҕаланна. “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһатын дириэктэрэ Ольга Ивановна Семенова хаһыат саҥа сайдар саҕахтарын, оҕо эрэ буолбакка, учуутал уруокка кытта туһанар босуобуйа оҥостуохтааҕын, уопут атастаһар биир улахан платформа быһыытынан туһаныахтааҕын туһунан билиһиннэрдэ. Суруналыыс, учуутал, “Айыы үөрэҕин” түсчүтэ Анатолий Николаевич Павлов-Дабыл билиҥҥи үөрэх эйгэтин сахатытыы саҥа соруктарын кэпсээтэ. Татьяна Ильинична Жиркова оҕону сахалыы оонньуу нөҥүө иитиигэ “Билим” литературнай лото олус туһалааҕын, хас биирдии сахалыы эйгэлээх кылааска баар буолуохтааҕын чопчулаан бэлиэтээтэ. “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһатын дириэктэри солбуйааччы, педагогическай наука кандидата Сардаана Егоровна Коврова үөрэхтээһиҥҥэ, бэчээт кыһатыгар киирэр саҥа сайдыы суолларын тобулуу туһунан сырдатта. Маны таһынан, оҕолору сахалыы иитиигэ уһуйааччылар, билиигэ-көрүүгэ ааҕыыга тардар сүдү соруктаах биир идэлээхтэр “Кэскил” хаһыаты суруйтаран, туох, хайдах үлэни ыыталларын билиһиннэрдилэр.
Ити курдук сүбэ, уопут атастаһар интэриэһинэй кэпсэтиилэр быыстарыгар “Кэскил” хаһыат видеороликтара, Дьокуускай куорат 17-с нүөмэрдээх оскуолатын үөрэнээччитэ Туяна Березина остуоруйата олус сэргэхситтилэр.
Биһиги, “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһатын үлэһиттэрэ, бу үс чаас тухары этиллибит этиилэр, ыйыллыбыт сүбэлэр-соргулар кураанахха сүтэн хаалбакка, үүнэр көлүөнэбит инники сайдыытын туһугар бииргэ үлэлиирбитигэр улахан олук буолуохтара диэн эрэнэбит. “Кэскиллиин” бииргэ буолуҥ, чугас доҕор оҥостуҥ” диэн ыҥырабыт!
“Кэскил” хаһыат кэрэспэдьиэнэ Вера Петрова