«Саха» НКИХ Саха сирин олохтоохторун сахалыы дьыктаан суруйарга ыҥырар.
Олунньу 13 күнүгэр, төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр, Саха телевидениетигэр 19 ч. 45 мүн. хас биирдии көрөөччү эпиир кэмигэр бэйэтин тургутан дьыктаан суруйуон сөп.
Дьыктааны ХИФУ дассыана, филология билимин хандьыдаата, РФ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн саха тылын хаапыдыратын уһуйааччыта Алена ПРОКОПЬЕВА ааҕыаҕа.
«Сахалыы дьыктаан» эпиир кэмигэр уһуйааччы этиитинэн суруйуу уонна тута сыыһалары бэрэбиэркэлэнэр кыах баар буолуоҕа. Онон хас биирдии көрөөччү тылы-өһү, сурук бэлиэтин төһө сөпкө туттарын бэрэбиэркэлэниэҕэ, итиэннэ хас сыанаҕа суруйбутун тута билиэҕэ. Онон илиистэ, уруучуката бэлэмнээҥ сахалыы дьыктааны суруйарга ыҥырабыт.
Омук күүһэ — өйүгэр, өйүн күүһэ — тылыгар! Сахалыы дьыктааны бииргэ суруйуоҕуҥ!
Түмүккүтүн инстаграмҥа #нвксахалыыдиктант2021 диэн хештегтаан таһаарыаххытын сөп.