Туругура тупса тур,
Тирэҕирэ чиҥии тур,
Тоҕойдору туораан ис,
Араҥастары ааһан ис,
Саргы дьаалы Сахам тыла,
Сарыал санаам — Сахам тыла!
Саха норуодунай поэта Бүөтүр Тобуруокап.
Олунньу ый – тыл хомуһунун ыйа. Чуолаан бу ыйга этэргэ дылы, эн саха буоларгын, сахалыы тыыннааххын ордук билинэҕин.
Хаҥалас нэһилиэгэр Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүн чэрчитинэн ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи сахалыы дьыктаан аахсыйаҕа кыттан, сахалыы таба суруйууга холоммут, олоххо мэлдьи актыыбынай көрүүлээх дьоммутугар истиҥ махталбытын тиэрдэбит. Дьыктаан түмүгүнэн «Бастыҥтан бастыҥ суруксут” ааты киэҥ билиилээх, элбэҕи аахпыт Антонина Семеновна Адамова, олохтоох оскуола эдэр учуутала Алена Ивановна Федорова 2-с төгүлүн, «Бастыҥ суруксут», аатын тэҥ бааллаах Марфа Гаврильевна Федорова, Маргарита Николаевна Семенова ыллылар. Дьыктаан тиэксин СӨ Национальнай библиотеката уонна ХИФУ саха тылын хаапыдырата бэлэмнээбит быйыл 2023 сылга 125 сааһын туолар сахаттан маҥнайгы тыл үөрэхтээҕэ, тюрколог, учуонай, Чурапчы сиригэр төрөөбүт Гаврил Васильевич Баишев-Алтан Сарын “Тоҕус этиҥ тойуга” айымньытыттан ылыллыбыт, “Киэһээ айан” тиэкиһинэн сурулунна.
1 миэстэлээх Антонина Адамова, 3 миэстэ Маргарита Семенова, Марфа Федорова
Сахалыы дьыктаан бастыҥ суруксуттарыгар нэһилиэк баһылыга Серафим Александрович «Добун суруктары” кытта “Хаҥалас нэһилиэгэ” МТ туруорбут, нэһилиэкпит үс үйэлээх историятын толору кэпсиир “Хаҥалас нэһилиэгэ. Ньурба улууһа”, А.П. Васильева, З.В. Анисимова хомуйан оҥорбут кинигэлэрэ, В.А. Петрова аатынан олохтоох түмэл, библиотека “Алаас Хотуна” эбээлэр түмсүүлэриттэн Николаева В.Е., Федорова М.Г. бэлэмнээбит анал бириистэрэ туттарылыннылар. Дьыктаан кэнниттэн нэһилиэк сорох тэрилтэлэрэ сахалыы таҥастаах кэлэн, саха буолалларынан киэн тутта хаартыскаҕа түстүлэр.
Төрөөбүт тылбыт төлкөлөөх, ийэ тылбыт үүнэ-сайда турдун!
Мария Николаева, библиотекарь.