Кэрэмэс тылбын кэбиспэт буолуҥ,
Кэрэмэс доҕотторуом,
Ытык тылбын ырыыналаарыҥ,
Ытык атастарыам.
А.Е. Кулаковскай.
Ахсынньы ый 20 күнүгэр Өктөмҥө «Николаев-центрга» саха литэрэтиирэтин төрүттээччи, бөлүһүөк, чинчийээччи А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 145 сылыгар уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Президенэ М.Е. Николаев 85 сыллаах үбүлүөйүгэр аналлаах Кулаковскай ааҕыыларын чэрчитинэн «Мөккүөр түһүлгэтэ» диэн сахалыы дебат иккис түһүмэҕэ буолла.
Ирдэбилинэн хамаандаҕа (2 улахан кылаас үөрэнээччилэрэ (уолаттар) уонна оскуола эдэр учуутала) буолуохтаах. Биһиги оскуолабытыттан устуоруйа уонна обществознание учуутала Михаил Аркадьевич Самсонов, Петров Дьулус (8-б) уонна Стас Илларионов (9-б) кылаас үөрэнээччилэрэ хамаанда буолан кыттан 1 миэстэ буолары ситиһэн, оскуолабытыгар өссө биир үөрүүлээх нуобастаах кэллилэр.
Михаил Самсонов сахалыы дебат туһунан санаатын маннык үллэстэр:
— Бу дебат барыта 3 түһүмэхтэн турар. Бастакы түһүмэх сэтинньигэ буолбута, иккис түһүмэх бу буолла, үһүс түһүмэх кулун тутарга буолар. Бастакы икки түһүмэхтэргэ билиҥҥи туругунан 5 хамаандаттан бастаан иһэбит. Кулун тутарга буоларга күүскэ бэлэмнэнэргэ сыал туруоруннубут. Салайааччылар мин, Надежда Гаврильевна, Иннокентий Владимирович буолабыт. Бүгүҥҥү күрэх М.Е. Николаев олоҕун уонна үлэтин туһунан викторина, «Республика Саха: стратегия развития в первой четверти XXI века» үлэтинэн аман өс күрэҕэ уонна М.Е. Николаев ыстатыйатыгар ыйбыт хайысхаларыгар бырайыак оҥоруута буолла. Оскуолабыт администрациятыгар тэрийэн ыыппыккыт иһин улахан махталбытын тиэрдэбит.
«Мэҥэбил» пресс-киин, В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолата.