Кулун тутар 1-21 күннэригэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун бары нэһилиэктэригэр саха тылын өйүүр сыаллаах “Ийэбиниин сахалыы ааҕабын” марафон ыытылынна. Бу марафон сүрүн идеятынан төрөөбүт тылы харыстыыр өйдөбүлү киэҥ эйгэҕэ, төрөппүттэргэ тиэрдии, иҥэрии буолар. Күрэхтэһиннэрии, бастыҥ уопуту быһаарыы сыал быһыытынан турбатаҕа. Баҕалаах оҕо, ийэ барыта бу марафоҥҥа кыттарыгар педагогическай усулуобуйаны тэрийии биһиги сорукпут буолбута.
3 нэдиэлэ устата алын кылаас үөрэнээччилэрэ ийэлэриниин сөбүлээбит сахалыы айымньыларын аахтылар, дьоҕус сорудахтары толордулар. Марафон саҕаланыытыгар барыта оруобуна 600 үөрэнээччи кыттар баҕатын биллэрбитэ. Олортон 539 оҕо дьаныардаахтык кыттаннар, туруоруммут сыалларын ситиһэн бэҕэһээ марафону түмүктээтилэр. Марафон куратордарынан оскуола библиотекардара буоллулар. Кинилэр кыттааччыларга кинигэ таларга сүбэ-ама биэрдилэр, айымньылаах ааҕыыга көҕүлээтилэр, сорудах туолуутун хонтуруоллаатылар уонна тэрээһин хаамыытын куйаар ситимигэр сырдатан истилэр.
Тэрээһин үлэтэ 2023 сыл ахсынньы ыйтан саҕаламмыта. Сүрүн көҕүлээччи – улуустааҕы үөрэх салалтата балаһыанньаны суруйбута уонна 96000 солкуобайдаах симиэтэ оҥорон бүддьүөккэ киллэрбитэ. 9 киһилээх хамыыһыйаҕа “Ийэ тыл”, “Ыал эйгэтэ” улуустааҕы уопсастыбаннай түмсүүлэр, Майатааҕы оҕо бибилиэтиэкэтэ, 3 учуутал, театр режиссера, общественник-блогер уонна марафон көҕүлээччитэ – үөрэх салалтатын испэсэлииһэ киирбиттэрэ.
“Ийэбиниин сахалыы ааҕабын” марафон сүрүн сыала — Дьиэҕэ-уокка ийэ тыл эйгэтин кэҥэтии.
Соруктар:
• Алын кылаас оҕолорун сахалыы ааҕыыга көҕүлээһин, ийэ уонна оҕо уйулҕанан ситимнэрин бөҕөргөтүү;
• Төрөппүт уонна оҕо тылларын саппааһын байытыы;
• Ордук кэрэхсэнэн ааҕыллар сахалыы оҕо кинигэтин, ааптардары билии.
Быйылгы үөрэх дьылыгар 1-4 кылаастарга улуус үрдүнэн 2848 оҕо үөрэнэр. Олортон оруобуна 600 оҕо кыттар баҕатын биллэрэн олунньу 14-24 күннэригэр оскуолаларыгар бэлиэтэниини ааспыттара. Ол алын кылаас үөрэнээччилэрин уопсай ахсаанын 21 % тэҥнэстэ. Балаһыанньаҕа кылааһы 100% кытыннарыы туһунан ирдэбил эбэтэр угуйуу этиллибэтэҕин үрдүнэн, бэйэлэрин баҕа өттүлэринэн 19 алын кылаас учууталлара кылаастарын оҕотун барытын бу марафоҥҥа кытыннардылар. Бу туоһулуур – бу учууталлар сахалыы ааҕыыга күн аайы ситимнээхтик үлэлэлииллэрин. Манна даҕатан эттэххэ марафон ыытыллыбыт кэмэ улуус бары нэһилиэктэригэр улахан түбүктээх кэмнэригэр түбэстэ. Ол курдук, сыллата ыытыллар култуура уонна спорт эстафетатыгар кыттыы, хонтуруол департаменын кэлиитигэр бэлэмнэнии, профессиональнай күрэхтэр ыытыллыылара, быыбар хампаанньата о.д.а. тэрээһин үгүс. Тэрээһин саҥа толкуйданарын саҕана 300 баҕалаах үөрэнээччини ийэлэриниин хаптахпытына сөп буолуо диэн санаа баара, бу сыыппараҕа былааннаныы буолбута. Үгүс оскуолаҕа марафон уопсай идеятын педагогтар, төрөппүттэр көхтөөхтүк өйөөбүттэрин түмүгэр кыттааччы ахсаана былааннаммыттан элбээн тахсыбыта тэрийээччилэри ордук үөртэ.
Марафон хаамыыта хайдах барда?
Кыттааччылары угуйар сыаллаах олунньу 15 күнүгэр Саха көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа “Тэтим” радиотыгар марафон туһунан сырдатан тэрийээччи уонна кыттааччы ийэ буолан быһа эфирга кыттыыны ылбыппыт.
Кулун тутар 1 күнүгэр, марафон саҕаланыытыгар уопсастыбанньык-блогер Масаха Мэхээс киэҥ араҥаҕа анаан куйаар ситимигэр ыҥырыы ыыппыта. Ол күн бары оскуолаҕа линейкалар буолбуттара, бары кыттааччылар эркиҥҥэ ыйанар сорудахтардаах марафон халандаарын, кинигэ рекомендациялыыр испиэһэгин туппуттара. Бу испиэһэк тутуһуллара булгуччута суох буолан, ыаллар хантан баҕарар, ханнык баҕарар сахалыы кинигэни булан ааҕаллара көҥүл этэ.
Кыттааччылар үөрэ-көтө ааҕалларын көҕүлүүр, санааларын көтөҕөр сыаллаах оскуола социальнай ситимнэригэр нэдиэлэ аайы марафон хаамыытынан сонуннар таҕыстылар, кулун тутар 5 чыыһылалаах СКИХ сонуннарыгар Хара уонна Тыыллыма оскуолалара уһулуннулар.
21 хонук устата ыытыллыбыт ааҕыы марафонугар 3 эрэ арыый обургу сорудах оптуорунньук аайы оҥоһулунна. Оттон ааҕааччы күннүгэ киэһэ аайы, биир да күнү көтүппэккэ толорулларын билиотекардар үгүстүк көҕүлээтилэр, хаһан эмэ хонтуруоллаатылар.
Үлэ баран истэҕин аайы араас толкуйдар, түмүктэр тахсан истилэр. Ол курдук биир улахан хамсааһынынан саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьытын туттууну тэнитии, үөрэтии буолла. Бу 15 туомнаах тылдьыт ыал аайы суоҕа биллэр. Оттон бу тылдьыт электроннай варианын сигэтэ куйаар ситимигэр тарҕаммыта балай да буолла. Ону туттааччы, биһирээчи хомойуох иһин соччо элбэҕэ суох. Биллэрин курдук, билигин үгүс оҕо, оннооҕор улахан да дьон элбэх сахалыы тыл суолтатын билбэттэр. Аахпыт айымньыларыгар өйдөөбөтөх тылларын быһаарыытын тута көрөллөрүгэр тылдьыт сигэтэ илиилэрин анныгар буоллун диэн халандаарга туруордубут, ватсабынан киэҥник тарҕаттыбыт. Аны бу тылдьыты төлөпүөҥҥэ сахалыы шрифт турбут эрэ буоллаҕына туттуохха сөп. Ол иһин сахалыы шривы төлөпүөн аайы туруортарарга үгүс ыҥырыыны ыыттыбыт.
Марафон саҕаланыаҕыттан ийэлэртэн уонна педагогтартан араас этиилэр, санаалар кииртэлээн барбыттара. Олор истэригэр, холобур: “Солото суох буолан кыттыахпын баҕарбатахпын, оҕом хаайан кытынныбыт”, “Бүтэрбиттэргэ значок биэрэллэр үһү диэҥҥэ оҕом ымсыырар”, “Уруккуттан сахалыы шривы туруорунар баҕабын толордум”, “Оҕом сахалыы ааҕыыта нууччалыы ааҕарыттан быдан мөлтөх эбит”, “Саха тылын тылдьытын киһи көмөтө суох тутта үөрэннэ”, “Бэйэм оҕо эрдэҕинээҕи кинигэбин аахтарбыппар интэриэһиргээтэ”, “Суолтатын билбэт тылбыт олус да үгүс эбит”, “Ааҕыытын тэтимэ түргээтээтэ”, “Ссылканы күннүккэ сыһыарыахпыт диэни сыыһа өйдөөн түннүккэ сыһыарбытыттан бэйэтэ да күллэ” уо.д.а. санааларын үллэстибиттэрэ. Бу биир күннээх күрэх эбэтэр дакылаат, хоһоон ааҕыыта буолбатах, бу биир дьарыгы киэһэ аайы 3 нэдиэлэ устата оҥоруу диэн аныгы төрөппүккэ уонна оҕоҕо улахан соҕус үлэ буолар. Онон улуус үрдүнэн 61 оҕо ийэлэриниин марафонтан туораабыттара сэрэйиллэр көстүү буолбута. Оттон 539 оҕо саҕалаабыт дьыалаларын түмүгэр тиэрдибиттэрэ улахан иитэр суолталаах, оҕону, ийэни даҕаны санааларын кынаттыыр. Үөрэхтээхтэр этэллэринэн 21 күн диэн – үөрүйэх үөскүүр болдьоҕо, онон баҕар, марафон кыттыылаахтарыттан ким эмэ үөрүйэх оҥостон мантан инньэ ыалынан ааҕар үгэстэниэхтэрэ диэн эрэл баар.
Кулун тутар 21 күнүгэр марафон түмүктэннэ. Бу күннэргэ Марафону түмүктээбит ыал аайы махтал суругу уонна түөскэ кэтэр значогу оскуола дириэктэрдэрэ уопсай линейкаҕа үөрүүлээх-быһыыга майгыга туттараллар. Бастакы былаанынан кыттыылаах 300 оҕону барыларын театрга ыҥыран чиэстиэх буолбуппут, кыттааччы элбээн барыларын батарар кыаллыбата, онон оскуолаларынан бастыҥнары быһаарыы ыытылла турар.
Татьяна Михайловна Дмитриева, Мэҥэ Хаҥалас улууһун үөрэҕириитин
салалтатын сүрүннүүр исписэлииһэ.