Бүгүн ыам ыйын 7 күнүгэр А.С. Пушкин аатынан Дьокуускайдааҕы национальнай билиотека историческэй саалатыгар сахалартан бастакы атомщик-учуонай, профессор, атомнай бырамыысылынас бэтэрээнэ, айылҕа харыстабылын туйгуна, техническэй билим хандьыдаата, Норуоттар икки ардыларынааҕы славянскай билим академиятын чилиэн-кэрэспэдьиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин духуобунаһын академиятын бочуоттаах чилиэнэ, эколого-духуобунай кэнсиэпсийэ ааптара Иоган Егорович Максимов «Так создавалась ядерная гарантия закрепления Великой Победы СССР (воспоминания атомщика саха)» диэн кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла.
Кэпсэтии саҕаланыытыгар Иоган Егорович Алексей Елисеевич Кулаковскай — Өксөкүлээх Өлөксөй «Ойуун түүлэ» поэматыттан саҕалаата. Алексей Елисеевич 1910 сыллаахха 1941-1945 сылларга буолбут быһыыны-майгыны өтө көрбүтүн бэлиэтээтэ. Бу биһиги сахалар айылҕаны кытта сибээспит күүһүн туоһулуурун туһунан кэпсээтэ.
Иоган Егорович Чурапчы улууһуттан төрүттээх, ол эрэн олоҕун улахан аҥарын Новосибирскай куоракка олорбут. Бу кэм устата Иоган Егорович Саха сириттэн Новосибирскай куоракка кэлбит устуодьуоннарга көмөлөһөр, сүбэлиир-амалыыр.
Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ Иоган Егорович бэйэтин олоҕун туһунан, хайдах атомнай бырамыысылынаска тиийбитин туһунан сырдатта. Ол курдук, Физико-техническэй институтка аатынан көрөн киирбитин туһунан кэпсээтэ. 1952 сыллаахха Ураллааҕы Политехническэй институт иһинэн анал атомнай хайысхаҕа устудьуоннары бэлэмниир бакылтыат арыллыбыт. ««Физика» уонна «техника» диэн тыллар бааллара, ону толкуйдаабытым физиканы сөбүлүүбүн, техниканы интэриэһиргиибин диэн бу үөрэххэ киирбитим». Бу быһаарыныыта кини олоҕор уонна бүттүүн дойду олоҕор улахан суолталаах эбит. Кинини кытта саастыы 132 саха уола оччолорго кистэлэҥ «Челябинск — 40» эбийиэги харабыллыыллар эбит.
Бу кинигэ сүрүн этэр санаата: «Кыайыыны уһансыбыт фронтовик буойуттары кытта тэҥҥэ атомщиктар ааттара ааттаныахтаах, тоҕо диэтэр Улуу Кыайыы кэнниттэн атомнай буомбалаах Америка өттүттэн куттал баарын суох оҥорбут дьон — атомщиктар буолаллар». 1945 сылтан 1978 сылга диэри историяҕа биллэр «сэбилэнии күрэҕэ» буолбута, бу кэмҥэ Иоган Егорович 20 киһилээх атомщиктар бирэгээдэлэрин салайан үлэлии-хамныы сылдьыбытын ахтан ааста.
Иоган Егорович 1972 сыллаахха Сэбиэскэй Сойууска бастакынан газовай хроматография ньыматынан ниобийы уонна танталы араарбыт. Бу көрдөрүүтэ оччотооҕу Германия, Франция, Америка лабораторияларын уопутунааҕар быдан үрдүк буолан тахсыбыт.
Тэрээһин түмүгэр Иоган Егорович бу саҥа кинигэтин национальнай библиотека туттарда, ону тэҥэ кэлбит ыалдьыттар бэйэлэрин бэлэхтэрин туттардылар.
«Олоҕум тухары уонча кинигэни суруйдум, ол эрэн бу бастакыбын кинигэбин сүрэхтээтим»
Иоган Егорович Максимов
Keskil14.ru