Владимир Петрович Ларионов олунньу 10 күнүгэр 1938 сыллаахха Мэҥэ Хаҥалас улууһун Тыыллыма нэһилиэгэр күн сирин көрбүт. Кини 16 оҕоттон соҕотох тыыннаах хаалбыт эбит.
1956 сыллаахха Майа орто оскуолатын кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбит. 1962 сыллаахха Н.Э. Бауман аатынан Москватааҕы үрдүкү техническэй училищены кыһыл дипломунан бүтэрбит. Кини айылҕа тымныытын туһанан, хотугу тыйыс усулуобуйаҕа массыына уонна тимир конструкция үлэлиир кыахтарын үрдэтиигэ үлэлээбит. 1968 с. үлэлиир филиалыгар сыбаарка салаатын лабораториятын тэрийэн салайбыт. Кини тус кыттыытынан, кыһамньытынан 1970 с. Хотугу сир физика-тэхниичэскэй проблемаларын института тэриллибит.
Владимир Петрович Саха сирин бастакы академига, техническэй наука доктора, профессор. Кини 300 тахса научнай үлэни, 17 монографияны бэчээттэтэн таһаарбыт.
Оскуолабыт «Чыпчаал» хамаандата бу күннэргэ Майа В.П. Ларионов аатынан оскуолатыгар улуустааҕы «ТОК» күрэҕэр баран кыттыбыппыт. Уопсайа алта хамаанда кэлбит этэ. Тоҕус түһүмэхтээх оонньуу түмүгэр Кылаан бирииһи В.П. Ларионов аатынан Майа N 1-дээх оскуолата, 1 үрдэли И.Г. Тимофеев аатынан Майа лицейэ, 2 үрдэли Лоомтука орто оскуолата, 3 үрдэл биһиги буолан үөрбүппүт.
Бүгүн сахалартан бастакы академикпыт Владимир Петрович Ларионов 85 сылын туолла. Кини улууспут төрүттэммит күнүн кытта төрөөбүт күнэ биир күн эбит.
Оҕолоор, эһиги кини курдук туйгуннук үөрэниҥ, саҥаны-сонуну билиҥ, араас научнай-практическай ааҕыыларга кыттыҥ.
Алена Прокопьева, 7 кылаас үөрэнээччитэ, «Проба пера» эдкора, Мэҥэ-Хаҥалас Чыамайыкы.