Бу күннэргэ «Тэтим» саха араадьыйатын долгунугар түбэһэ түһэн истибит тылларым, санаабын үүйэ-хаайа тутаннар дьоммор-сэргэбэр кыһаллар баҕабынтүбүгүртүлэр,сүрэхпин долгуттулар. Баччааҥҥа диэри истэ иликпин истэммин эбитэ буолуо мунчаарбыт санаабын үллэстэргэ сананным. Ыччаты кытта үлэлиир киһи саха сайдар кыаҕа туохха олоҕурарын, иитэр кыһа туһунан куруук кэпсэтэ, санаа атастаһа сылдьабыт да туох эрэ тиийбэт курдуга таайдаҕа. Саха олоҕо хайдах күөмчүлэммитин туһунан бу кэпсэтиигэ этилиннэ. Күндү ааҕааччы, сүрэҕэлдьээбэт буоллаххына, манна тиһиллибити барытын сыныйан туран аахтаргын уонна кырдьыга да—арай толкуйга түстэргин, оттон салайар эйгэ дьоно сайдыыны кэлимсэ көрөн, туруулаһан туран ылсаргытыттан тутулуктаах дуу дии санаан суруйабын.
Виктор Петрович Ноговицыны кыттасин балачча ыраатта билсибиппит, ол —ОЛОХ туһунан өйдөбүл тула кэпсэтииттэн, сэһэргэһииттэн саҕаламмыта: сахалыы иитии, сахалыы эйгэ, норуот үгэһэ, бэйэни салайыныы, киһи киһиэхэ үтүө сыһыана, ЭРЭЛ, ИТЭҔЭЛ, ЫАЛ, «Киһи -киһитэ», “айыл5а о5ото” диэн уонна онтон да атын ытык өйдөбүллэргэ бэйэбин көрдөнөрбөр, бэйэбэр үлэм сүнньүн булунар кыахпар, санаа атастаһар баҕа түгэннэрбиттэн этэ. Көлүөнэ көлүөнэттэн уратытыгар, бас көс дьоммут олук уурбут суолларынан ыччаты батыһыннарар баҕабытыгар миэхэ тус бэйэбэр Виктор Петрович улахан көмөлөөх, соргулаах сүбэтинэн, эрэли олордор алгыһынан, саастаах эдэргэ сыһыанынан.
Виктор Петрович бэйэтин кэмин дьоһун киһитэ, «Ыччат сайдар аартыктара», «Олоҕу хоһуйууга холонуу», «Историко-культурный контекст воспитания как основа формирование творческих способностей современных школьников» диэн кинигэлэрэ ылан ааҕан истэххэ киһи кини тылын ылынан, кинигэҕэ этиллибит санаалары батыһыан баҕарар,киһилии киһи иитиллэр эйгэлэрин эркээйи оҥостуон сөптөөх, сырдык олоххо суолта биэрэр кинигэлэр автордара. Мин бииртэн наһаа сөҕөбүн, үөрэх уонна ыччат, спорт министерстволара республикабыт маҥнайгы Президенэ Михаил Ефимович баҕа санаатыгар олорсон, биир санаанан үлэлээбиттэрэ, норуоттарын туһугар балачча улахан сыраларын биэрбит, оччолорго сайдар аартыктары арыйбыт, сайдыыны аҕалбыт дьонүлэлэрин сыаналаабаппытыттан.
Ити кылгас киирии буоллун.
Виктор Петрович санааларыттан…
- Биһиги өбүгэлэрбитигэр сүрдээҕин диэн махтанабыт: кинилэр бу тыйыс айылҕа күнүн-дьылынаттаран айар-тутар үлэни көҕүлээбиттэриттэн.Олорор балаҕаннарын күн уотугар, туох баар айылҕа дьайыытын кытта дьүөрэлээн, толкуйдаан туран туттубуттара, олоҕу-дьаһаҕы тэрийбиттэрэ эмиэ элбэҕи этэр. Аны туран, оҕону иитэргэ, киһи киһилии буоларыгар анаан итэҕэл үөскэппиттэр.Хомойуох иһин биһиги ол итэҕэли билигин да ситэ өйдүү иликпит, ыраахпыт. Ол төрүөтэ туохханый? Биһиги билиҥҥи өйбүтүнэн-санаабытынан «Киһилии-киһи» таһымыгар тиийбэт балаһыанньабыт 4 түрүөттээх:
- Сирбит Империя бас билиитигэр киирэн, баай уонна дьадаҥы арахсыылара Орто үйэлэр бүтүүлэригэр үөскүүр—ити XVI-XVII үйэлэргэ. Ити түһээн хомуйар ньыма. Инньэ гынан, баай биллэн туран аҕыйах, дьадаҥы киһи элбиир, оннооҕор дьону кумалаан таһымыгар тиэрдэллэр. Ол барыта суруллубут. Мантан сылтаан аҕа, ийэ уустарынан бэйэ-бэйэлэрин көрүнэн, өйдөһүү-өйөһүү күүһүнэн, сиэринэн олоруу алдьанар.
- Итэҕэли бобуу саҕаланар. Мин атын омук итэҕэлэ туох ордуктааҕый диэн араас куораттарынан, дойдуларынан сылдьан билэ-көрө сатаатым. Загорскайга, Владимир куоракка, Суздалынан, Геленджикка тиийэ итэҕэли өйдүү сатаатым да «Господи помилуй раба твоего» диэн умса түһэ сытан аһары элбэхтик буруйу саптарга холоонноох тыллартан атыны истибэтим. Саха итэҕэлэ диэн киһиэхэ сүгүрүйбэт, Куйаары төрөппүттэрин курдук туран эрэн көтөхтөрүөн баҕарбыт оҕо курдук махтанар. Олох ыксаатаҕына көрдөһөр. Аны киһини 9 таһымнаах сайдыыга тиэрдэр иитии эйгэтэ арылыччы сурулла сылдьар, ханнык да итэҕэлгэ тоҕус таһымы хайдах ситиһэри булан аахпатым. В. И. Вернадскай Ноосфераҕа тиийэр өйдөөх-санаалаах дьон киһилии киһи буолартан тутуллалларын инниттэн биһиги өбүгэлэрбит арыйбыттар эбит.
- Үһүс алдьаныыбыт—арыгы буолар, эмиэ кэлии дьонунан соҥноммут абааһы аһылыга. Сибиир академига В. П. Казначеев Хоту дойдуга тыйыс айылҕаттан, космос араас дьайыытыттан сылтаан «Синдром полярного напряжения» диэн баарын арыйбыта. Киһи, кыыл-сүөл сыл кэмиттэн тутуллан сылааргыыр быһыыта. Дьадайбыт, санааргыыр, тууйулла сылдьар дьон үөрүүгэ-көтүүгэ баҕалара улахан буоллаҕа, кыһалҕаны аһара охсоору. Арыгы углевод, түргэн сэниэ. Ол эрэн арыгы наука этэринэн нейропсихофизиология бэйэтин бэйэтэ салайынар олоҕун алдьатар, ол иһин арыгы испит киһи буккуллан турар, өлөрсүү-өһөрсүү арыгыттан тахсар. Ол иһин Хоту дойду баһылыктара бары дьоннорун арыгыттан быыһаары арыгыны утарар общественнай хамсааһыны лично салайаллар. Мин элбэх киһини билэбин, отой арыгын испэт дьону, кытаанах санаа иччилэрэ. Кинилэри холобур оҥостуохха сөп этэ, дьиҥэр.
- Үтүктүү. «Киһилии- киһи» аҕыйаан , өй-санаа кэбирээн атын омуктар тылларын-өстөрүн , олохторун-дьаһахтарын үтүктэн бардыбыт—ол аата биһиги өбүгэлэрбит үөскэппит үгэстэрэ сүтэр кутталлаах. Үтүктэр киһи үтүктүбүт киһитин, норуотун иннигэр кыайан түспэт. Биһиги өйбүтүн-санаабытын былыр былыргыттан таҥыллыбыт генетикабыт салайар, ол алдьаннаҕына киһи маргиналга кубулуйар.
Михаил Ефимович миигин, киин былаас соруйуутунан үлэлиир комсомол үлэлээбэт буолбутугар, Ыччат миниистиринэн анаабыта. Биһиги бэйэбит кэммитигэр ыччаппыт сайдар суолун тобулаары «Тилиннэрии, чэбдигирдии, бэйэни сайыннарыы» диэн Концепция суруйбуппут, ону Ыччат I Кэнгириэһигэр бигэргэтэн, бырабыыталыстыбаҕа көмүскээн Программа ылыммыппыт. Саҥа санааны тарҕатаары ыччаттар үлэ бөҕөнү көрсүбүттэрэ, туох да үчүгэйдээх ыйынньык этэ. Ону ситэри үлэлэппэтилэр, тоҕо эрэ салгыы ыыппатылар. Ол иһин, билигин хас биирдиибитин барыбытын долгутара буолуо—хайдах сайдарбытын билигин көрүммэтэхпитинэ инникитин сайдарбыт сүрдээх уустук буолуо. Сайдары-сайдыыны-сайдар кыаҕы кэлимсэтик көрөр олус наадалаах уонна суолталаах дьыала.Ордук оҕолорбутун кэлимсэтик иитэр ньымабыт суох.
Эһиги манна көрүүгүт тугуй?
Хайдах буолабытый?
Хайдах ордук буолуой ?
Кэпсэтиини суруйда Татьяна Жиркова, суруналыыс.