Хаҥалас улууһун үөрэҕириитин үлэһиттэрин сүбэ мунньаҕар кыттан, сахалар бэйэбит төрүппүтүн билиэхтээхпит, үөрэтиэхтээхпит эбит диэн түмүккэ кэлбитим. Ол курдук “Хаҥалас улууһун төрүттэниитэ” диэн маҥнайгы секцияҕа сахалыы тылынан кэпсээбит история учуонайдарын, нэһилиэк баһылыктарын санааларын сэргээн истибитим.
«Үс саха үөскээһинэ, түөрт саха төрөөһүнэ» диэн дакылааттаах кыраайы үөрэтээччи, «Хаҥалас» эбии үөрэхтээһин киинин методиһа Ильин Николай Семенович аан дойду билинэр киһитин, улуу этнограф, археолог Гавриил Ксенофонтов туһунан кэпсээбитэ. Гавриил Васильевич 20-с үйэ 20-с сылларыгар Куллаты үрэҕэр киһи олорон ааспыт миэстэтин петроглифы булан үлэтин саҕалаабыт эбит.
«Маһары Бозеков – сахаттан бастакы Россия ыраахтааҕытыгар тиийбит киһи» диэн тиэмэлээх дакылааты Дьэр нэһилиэгин баһылыга Исаков Егор Васильевич кэпсээбитэ. Кини этэринэн, хас биирдии кытай омуга бэйэтин төрүтүн сэттис көлүөнэтигэр диэри билэр эбит, үчүгэйдэрэ тохсус көлүөнэҕэ диэри билэллэр, ол курдук сахалар эмиэ бэйэбит төрүппүтүн билиэхтээхпит диэн санаатын кытта сөпсөһөбүн.
«Быралыйар былыргыны арыйан көрөн» диэн дакылааттаах экономическай наука доктора Ефремов-Дэхси Эдуард Иванович Хаҥалас улууһун олохтоохторо эрэ буолбакка, Саха сирин дьоно-сэргэтэ кимтэн төрүттээхтэрин билэн, оскуола оҕото төрүтүн үөрэтиэн наада диэн этэр.
Нөмүгү нэһилиэгин баһылыга Устинов Наум Васильевич Софрон Сыранов туһунан документальнай киинэни көрдөрбүтэ. Ону тэҥэ Нөмүгү нэһилиэгэр Софрон Сыранов аатынан микрорайон арыллыбытын, Эркээни хочотун иистэнньэҥнэрэ сахалыы таҥаһы тигиигэ үлэлэһэ сылдьалларын туһунан иһитиннэрбитэ.
Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар кыһалҕаларын институтун аспиранын Дмитрий Апросимовы кытта кэпсэтииттэн үллэстиэхпин баҕарабын:
«Улуу учуонайбыт Михаил Ломоносов эппитин курдук «Былыргытын билбэт норуот — инникитэ суох норуот буолар».
Ити этиини кытары мин сөпсөһөбүн. Улууспут баһылыга Олег Валериевич Иринеев бу 2022 сылы улууспутугар историческай өйдөбүнньүк сылынан биллэрбитин өйүүбүн.
Күндү оҕолор, төрөөбүт дойдугут историятын үөрэтэргитигэр ыҥырабын. Сахабыт Сирин чулуу дьонун олохторун үөрэтиҥ, доҕотторгутугар тумус туттар дьоммут туһунан салҕыы кэпсээн тарҕатыаҕыҥ!
Дархан ТИХОНОВ,
М.Е. Васильева ааатынан 2-с Малдьаҕар орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ.