Олунньу 13 күнэ – саха норуотун биир кэрэ-бэлиэ күнэ. Төрөөбүт тыл уонна сурук- бичик күнүгэр аналлах М.А. Алексеев аатынан Баппаҕаайы орто оскуолатыгар үөрүүлээх тэрээһин буолла. Ол курдук мустубут дьону алаадьынан, хомус тыаһынан көрүстүлэр. Сахалыы ыраастанныбыт, арчыланныбыт.
Тыл диэн норуот үйэттэн үйэҕэ, уонунан сүүс сыл устата урукку дьыллар уорҕаларыттан, ааспыт дьыллар арҕастарыттан мэҥэ өйдөбүл гынан илдьэ кэлбит, туохха да тэҥнэммэт, сүппэт сүдү баай. Дэлэҕэ төрүт өбүгэлэрбит «киһи тыла-ох», «киһи тыла уоттааҕар абытай», «тыл сэттэ сэмэлээх», «тыл иччилээх» диэхтэрэ дуо. Улуу суруйааччыларбыт төрөөбүт тыл туһунан элбэх хоһоону суруйбуттара. Төрдүс кылаас үөрэнээччилэрэ Антонов Сандал, Оконешникова Регина норуоднай бэйээт С.П. Данилов хоһооннорун дорҕоонноохтук аахтылар, бэһис кылаас коллектива «Сэттэ мэтириэт» аахтылар. Тэрээһин бары тѳгүрүччү туран “Оhуор” күргүѳм үҥкүүтүнэн түмүктэннэ. Бу күн “Дьоhуннааҕы кэпсэтии» уруоктарыгар «Кэскил» редакцията бэлэмнээбит сахалыы тылынан анал тиэмэҕэ араассорудахтардаах кэпсэтии ыытылынна.
Оскуолабытыгар Тыл методическэй холбоһугун нэдиэлэтэ аһыллыбыта. Бэһистэн уон биирис кылаастарга сүһүөҕүнэн арахсан “Өркөн өй” оонньуу бэрт тэрээһиннээхтик уонна интэриэһинэйдик ааста. Бу манна оҕолор ордук тугу билэллэрэ – кѳрѳллѳрѳ билиннэ.
Алын кылаас учууталлара 1 – 4 кылаастарга “Саха тыла – мин тылым” оскуола иhинэн научнай –практическай дакылаат ааҕыытын күрэҕин тэрийбиттэрэ. Барыта 7 кыттааччы араас тиэмэҕэ чинчийбит, ырыппыт үлэлэрин кэпсээтилэр: Саха сирин кыыллара, үүнээйилэрэ, саха норуотун дьарыга, саха оhуордара, кээмэйдэр.
Күрэх түмүгэр 1-2 кылаастарга: 1 миэстэ Николаев Айтал, 2 кылаас үѳрэнээччитэ, 2 миэстэ – Оконешников Алгыстан, 1 кылаас, 3 миэстэ – Харлампьев Кеша, 1 кылаас.
3-4 кылаастарга: 1 миэстэ Антонов Сандал, Оконешникова Регина, 3 кылаастар, 2 миэстэ – Васильева Лейла, 4 кылаас, 3 миэстэ — Кондаков Тимур- Эллэй, 4 кылаас. Оҕолор кыра кылаастан чинчийэр үлэнэн дьарыктаналлара тулалыыр эйгэни билэллэригэр кѳмѳлѳѳх, интэриэстэрэ улаатар,билэр – кѳрѳр баҕалара сайдар.
Екатерина Матвеева, обществознание учуутала
М.А.Алексеев аатынан Баппаҕаайы оскуолата
Бүлүү улууhа.