Аммаҕа Сахаачча музей-дьиэтигэр “Чемпиону СССР Николаю Захарову” диэн суруллубут чаһы кэлин корпуһа баар. Чаһы Захаровтарга кэлэригэр ремешога суох эрэ эбит, убайдарыгар анаммыт кыракый музей-муннукка серваҥҥа угуллан турбут.
Онтон кэлин сиэннэр ыланнар, оонньуур оҥостубуттар быһыылаах. Ону Семен Семенович, Сахаачча кыра быраата, бу билигин баар чаһы кэлин суруктаах өттүн, уолаттара оонньуу сылдьалларын ылан, уурбут. Бу дьикти историялаах экспонат.
Чаһыны, Семен Семенович кэпсииринэн, ийэтигэр 2-Чакырга тутуууга үлэлиир нууччалар «өрүстэн буллубут» диэн аҕалан биэрбиттэр. Ол туһунан Амма оройуонун “Коммунизм тутуутугар” хаһыат 1973 сыл атырдьах ыйын 7 күнүнээҕи нүөмэригэр Чакыр аҕыс кылаастаах оскуолатын дириэктэрэ И.А. Яковлев «Үлэһит дьон чиэһинэй быһыылара» диэн ыстатыйатыгар суруйбут. Ол кэмҥэ 2-Чакыр нэһилиэгэр В.Ф. Баглаженко, Петр Карпейчик уонна Юрий Елисеев буолан оскуола спортсаалатын тутуутугар үлэлиир эбиттэр. От ыйын 16 күнүгэр бөһүөлэк аннынааҕы биэрэккэ сынньана, сөтүөлүү киирбиттэр. Ууга сылдьан, туох эрэ кылбайа сытарын ороон таһаарбыттара кыһыл көмүс чаһы буолбут. Булумньуларын сотон, ыраастаан көрбүттэрэ, үчүгэй баҕайы шрибинэн ананан «Чемпиону СССР Николаю Захарову» диэн суругу аахпыттар. Кинилэр муодарҕаан, булбут чаһыларын оскуолаҕа таһааран, дьоҥҥо көрдөрбүттэр. Николай өлбүтэ оруобуна 4 сыла эбит. Сирийэн билбиттэрэ, Коля өлүөн аҕай иннинэ сүтэрбит, бэркэ аһыйбыт чаһыта буолан тахсыбыт. Күндү булумньу барыта чуолкайдаммытын кэннэ, от ыйын 18 күнүгэр Николай Захаров ийэтигэр Матрена Николаевнаҕа киллэрэн туттарбыттар.
Кэлин ити дьоннортон биирдэстэрэ Петр Карпейчик Покровкаҕа олорбут. Семен 1978 сыллаахха Покровка оскуолатын тута сырыттаҕына, Карпейчик уолунаан оскуола котельнайын котлаванын хаһыытыгар үлэлээбиттэр. Ол кэмҥэ Семен Сахаачча быраата буоларын билэн, Петр: «Сахаачча чаһытын булбуппут», – диэн эппит. Кэлин бу киһини көрдүү, ыйыталаһа сылдьыбыппыт да, Покровкаҕа кимэ да суох эбит, кыыһа Алдаҥҥа Куранаахха, уола Омскайга бааллар эбит.
Барыта чуолкай курдук гынан баран…
2019 сыллаахха Аммаҕа Саха сирин норуоттарын VII спортивнай оонньууларыгар анаан Сахаачча музей-дьиэтэ арыллыбыта. Арай биир күн бэркэ билэр, оҕо сааспыт табаарыһа Дмитрий Федоров музей көрө сылдьан, чаһыны көрөн баран: «Хайа, бу мин булбут чаһыым сытар дии!» — диэн саҥа аллайда. Уонна кэлин маннык суруйбута: «ЫҺыах кэмигэр сөтүөлүү сылдьан, болуот анныттан булбутум. Итии күн этэ. Табаарыстарбын кытта Амма өрүскэ сөтүөлүү киирэн иһэн, Сахааччалааҕы көрсүбүппүт. «Сахааччабыт таҥна туран болуот быыһыгар чаһыытын түһэрдэ, кыайан булбатыбыт, көрөөрүҥ эрэ», – диэбитэ. Ол кэмҥэ өрүс уута кэлэн турара. Болуокка киирэн сөтүөлүү сылдьан уоллаттар бары көрдүү сатаабыппыт да булбатахпыт. Болуоппут уһуна бэрт этэ. Онтон мин болуот үөһээ уһугуттан умсан кириэҕин диэбиппэр, аккаастаммыттара. Ону бэйэм баран умсан болуот аннынан уһугар чугаһаан иһэн улахан кылабачыгас сытарын харбаан ылбытым, чаһы этэ. Чаһылаах илиибин өрө ууммутунан болуот аннынан тахсыбытым. Уолаттар көрөөрү, хаба тардан ылан суругун аахпыттара, бэйэбэр нэһиилэ көрдөрбүттэрэ. Ол кэмҥэ биһигиттэн аҕа саастаах киһи таҥнан, бараары туран: “Мин, билигин илдьэн биэриэм”, – диэн ылыта. Ол чаһыны Аммаҕа Сахаачча музейыгар сылдьан көрбүтүм».
Билигин Дмитрий Дьокуускай куоракка пенсияҕа олорор, өр сыл Ленскэй оройуонугар старшай охотоведынан үлэлээбитэ. Аммаҕа үөрэнэр кэмигэр Н.М. Давыдовка тустуунан дьарыктаммыта, ол кэмтэн ыла Сэмэнниин табаарыстыылар.
Онон бу чаһы иккитэ көстүбүт курдук буолан таҕыста. Иккис көстүүтэ Сахаачча оруобуна күн сириттэн барбытын төрдүс сылыгар этэ.
Бэлэмнээтилэр Дария Иннокентьевна Захарова,
академик Л.В. Киренскэй аатынан Амма лиссиэйин
«Музей в чемодане» бырайыак кыттыылаахтара