Тохсунньу 19 күнүгэр Национальнай библиотека историческай саалатыгар «Исидор Барахов» диэн саҥа кинигэ сүрэхтэниитэ буолан ааста. Ааптар — А.А. Амбросьев-Сиэн Мунду. Кинигэ «Жизнь замечательных людей» серия иһинэн тахсыбыта. Кинигэ тула санаа үллэстиитин Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга В.С. Поскачин салайда.
Саха уһулуччулаах салайааччыта Исидор Барахов гражданскай сэрии хаан тохтуута суох бүтэригэр сиэрдээх бэлиитикэни ыыппытын туһунан бу кинигэҕэ сиһилии суруллар. Өрө турууга кыттыспыт дьоҥҥо амнистия биллэрэн үгүс саханы быыһаабыт үтүөтүн ким да умнуо суохтааҕын санаттылар.
Үгүс ыалдьыт кинигэ суруллубут истиилин, ньыматын хайҕаатылар. Архыып докумуоннарыгар олоҕурбут араас история чахчыларын аҕалтаабытын иһин махтаннылар. Ол курдук, ааспыт үйэ 20-с сылларыгар «кыһыл террору» туттубут Саха сирин салайбыт дьону үлэлэриттэн устуталаан,бу «террору» тохтоппут Исидор Барахов буоларын Максим Аммосов суругунан дакаастанна: «»И дискуссия, и переворот нечто вроде дворцового — вспомни твой переворот мартовский 22 г. и расслоение интеллигенции и крупные выдвижения, и обилие изданий и проч. Выводы (переворот) сделали за несколько дней до Пленума-и хорошо сделали(подчеркнуто)». [НА РСЯ Ф.181.Оп.1.Д.51. Л.299 ]».
Иcидор Барахов оҕо сааһыттан кинигэ ааҕарын олус таптыыр этэ. Сайыҥҥы сынньалаҥар кэллэҕинэ, дойдутун оҕолорун мунньан араас кэпсээннэри сэһэргээн сөхтөрөрө, оттуу сылдьан кытта кинигэ кыбыныылаах буолара диэн ахталлар.
Онон, күндү ааҕааччыларбыт, бу А.А. Амбросьев-Сиэн Мунду кинигэтин ылан ааҕан билиигитигэр билии эбиниҥ.
Е.П. Семенова,
И.Н. Барахов аатынан СӨ судаарыстыбаннаһын түмэлин үлэһитэ.