Сахам тылын дьылҕата
Хас биирдии саха тыллаах киһи төрөөбүт тылын инники дьылҕатын туһугар долгуйар, сүрэҕинэн-быарынан ыалдьар. Ордук оскуола туонугар саха тылын сүмэтин оҕолорбутугар иҥэрэр үрдүк аналлаах саха тылын учууталлара. Томпо улууһун Кириэс Халдьаайы оскуолатын учуутала Ирина Ивановна Харайданова саха тылын дьылҕатын туһунан бэйэтин санаатын үллэстэр.
— Томпо улууһун 12 оскуолатыттан саха тылын 5 оскуолатыгар үөрэтэллэр: Кириэс Халдьаайы, Саһыл, Мэңэ Алдан, Үөгэн, Арыы Толоон. Улуус киинин Хаандыга оскуолатыгар үс саха кылааһа баар. Бу оҕолор алын сүһүөх кылааска эрэ саха тылын үөрэтэллэр. Хаандыгатааҕы оҕо уһуйааныгар кырачааннарга саха тылынан саҥарыы олох да суох.
Томпо — элбэх омук тоҕуоруһан олохсуйбут сирэ. Маннык сиргэ, биллэн турар, тыл күөмчүлэниитэ баар буолар. Омос ылан көрдөххө, атыы — эргиэн өттүгэр турааччы омуктар саха тылын олус түргэнник билэ охсон кэпсэтэн бараллара түргэнэ бэрт. Оттон бэйэбит оҕолорбут төттөрүтүн нууччалыы кэпсэтиини, быһаарсыыны ордук хото тутталлар. Билигин тыа оскуолаларыгар даҕаны нууччалыы саңа, кэпсэтии баһыйар. Холобур, бастакы кылаас оҕотун оскуолаттан аҕата кэлэн ылар. Бу оҕо кылаас аанын сапта да, нуучча буола түһэр. Аҕатыгар сахалыы хардарар уонна тэңинэн аттыгар баар оҕону кытта нууччалыы бэрт үчүгэйдик, ыраастык нууччалыы чубугуруур. Бу курдук төрүт тылбытын көрбүтүнэн куоттарар, мүччү туппат туһугар туох — ханнык хамсааһыннар барыахтарын сөбүй?
1) Элбэхтик аахтарыахха, сотору — сотору өйтөн ааҕыыны бэрэбиэркэлиир тоҕоостоох. Билиңңи оҕо наһаа түргэнник умнар, сылааһыгар билиэ, өйдүө эрээри, бутуйара, умнара олус түргэн. Манна кылаас оҕотун барытын хабан уус – ураннык ааҕарын ситиһиэххэ. Уонна төрөппүттэр истиилэригэр; оҕо ааҕарын төрөппүт сыаналыыр уруогун тэрийэн ыытар ордук .
2) Учуобунньуктары хос көрүөххэ наада. Билигин оҕо уруогун үксүн эбээ, эһээ аахтарар уонна сатаан быһаарбат, кыайан өйдөөбөт түгэннэрэ элбэҕин тоһоҕолоон этэллэр. Эбэлээх эһээ ыарырҕатар буоллахтарына, дьоһун кэпсэтии, санаа атастаһыыта барыан сөп.
3) Мөлтөхтүк саңарар уонна доруобуйаларынан мөлтөх оҕо сылтан сыл элбээн иһэрэ хомолтолоох. Онон хас биирдии оскуолаҕа логопед баара буоллар. Һ; Ө; 5; Ү Ң дорҕооннорбут сүтэн эрэллэр дэһэбит. Бу дорҕооннору сатаан саңарар буоллахтарына эрэ, сахалыы кэпсэтии элбиэ. Тыл өттүнэн хааччахтаах оҕолору сахалыы саңартахха инники хардыы, улахан ситиһии буолуон сөп. Һ; Ө; 5; Ү Ң дорҕооннорго анал бырааһынньык күннэрин тэрийии элбэҕи биллэриэ, элбэххэ үөрэтиэ этэ.
4) Саха тылын үөрэтии бырагыраамматын олус уустугурдан кэбиһэммит оҕолорбутун тэйитэбит. Холобур, 9 кылаас тылга учуобунньуга олус ыараханын туһунан учууталлар этэллэр. Тэңңэ холбоммут холбуу этиигэ уонна баһылатыылаах холбуу этиини ордук бэлиэтииллэр. Биир кууруска маннык кэпсэтии эмиэ баран турар. Литэрэтиирэ учуобунньугар көҕүрэтии, эбии туһунан эмиэ кэпсэтии баара. Саңардыллыбыт ФГҮӨС-кэ бастакы кылааска саха тылын чааһа лаппа аччаабыт. Баара — суоҕа икки эрэ чаас, ону вариативнайтан эбэн 3 чаас гыналлар. Ол да аҕыйах, бу 3 чааска анаммыт бырагыраамманы кыайан толлору ситиһиннэрбэккин, ол оннугар нуучча тылыгар 7 чаас. Аны аһары дириңэтэн үөрэтии баар курдук, ону кыра кылаастар олус уустуктук ылыналлар. Учуобунньукпут мөлтөх ба5айы. «Сыккыс», « Саһарҕа», «Ньургуһун», «Кустук» ааҕыыга киирбиттэр. Бу мантан көспүттэрэ син балайда буолбут. Захарова литератураҕа ааҕыыта барыта тахсыбыта, билигин аны ол киирбэт. Оччотугар ити «Сыккыс», « Саһарҕа», «Ньургуһун», «Кустук» кинигэлэр иккистээн тахсаллара дуу? Методическай ыйынньык суоҕа олох куһаҕан дэһэллэр.
Саха тылыгар чаас эбиллиэн наада диэн алын да, үрдүкү да кылаас учууталлара туруорсаллар.
5) Оҕо ааҕарыгар олимпиада, риторика ордук улахан суолтаны ылар. Биһиги оскуолабытыгар 2005 сыллаахтан «Сайдыы» бырайыакпытынан үлэлиибит. Онон, энтузиаст-учуутал С. Н. Ефимова аатынан олимпиаданы уонна «Даадар ааҕыыларын» сыл аайы ыытабыт. Олимпиадабыт 5-һис кылаастан 8-с кылаастары хабан регионнааҕы, ааҕыыбытын өрөспүүбүлүкэтээҕигэ тиэртибит.
6) Сахалыы кылаас суох оскуолаларыгар кэпсэтии тылын үөрэтэр чааһы киллэттэриэххэ.
Сахалыы саңабыт — барыбыт дьылҕабыт, сахабыт тыла – норуоппут кута – сүрэ. Төрөппүттэн саҕалаан бары туруннахпытына эрэ, тылбытын тыынныахпыт.