Атырдьах ыйын 22 күнүгэр учууталлар таһымнарын үрдэтэр уонна сайыннарар институт иһинэн «Проблемы и перспективы изучения родных языков в условиях обновления содержания образования» төгүрүк остуол буолан ааста.
СӨ үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ Ирина Павловна Любимова: «Саха сиригэр 60 — тан тахса оскуолаҕа төрүт тыл үөрэтиллэр. 5 % оҕо аҕыйах ахсааннаах норуоттар тылларын үөрэтэр. Сылын ахсын сахалыы кылаастары элбэтэргэ үлэлиибит. Былырыын 50 мөлүйүөн көрүллүбүтүттэн — 38 мөлүйүөнү учуобунньуктары, методическай кинигэлэри ыларга туһаммыппыт. Саха тылын чаастара Е.И. Михайлова, Ф.В. Габышева уо.д.а туруорсууларынан уруккутунан сөргүтүлүннэ. Уонна өссө үөрүүлээх сонуммутунан буолар — СӨ Наукаларын Академиятын иһинэн саха тылын үөрэтиитин чинчийэр научнай киин аһыллыаҕа. Ону таһынан, биир сүрүн сыалбытынан буолар — учууталлар, төрөппүттэр оҕолоругар сахалыы кэпсэтэр эйгэни тэрийиилэрэ».
М.К.Аммосов аатынан ХИФУ бэрисидьиэнэ, академик, педагогическай наука дуоктара, психологическай наука хандьыдаата Евгения Исаевна Михайлова: «Хас биирдии учуутал санаата иһиллиэхтээх. Биһиги сахабыт тылын туһугар күүскэ үлэлэстибит, үлэлэһиэхпит да турдаҕа. Ол курдук, чаастар уруккунан хааллылар, аҕыйаппатылар. Хайа баҕарар норуот төрөөбүт тылын туһугар долгуйар, туруорсар. Мин Татарстан, Алтай үөрэҕин Министиэристибэлэрин кытта кэпсэппитим, эмиэ бырагыраамма бөҕөтүн оҥоро сылдьаллар. Төгүрүк остуол түмүгэр саҥа резолюцияны ылыныахпыт, санааҕытын аһаҕастык этиҥ».
Учууталлар таһымнарын үрдэтэр уонна сайыннарар институт дириэктэрэ Ньургун Михайлович Павлов: «»ФГОС» -ка «Модульное обучение» диэн киирдэ. Оскуолаҕа уруһуй, үлэ курдук прдеметтэри биирдии чаас буолбакка, чаас аҥаара үөрэтэн, чаастары уһатар кыах үөскээтэ. Ол үлэни оскуола бэйэтэ дьаһанар».
Н.Е. Мординов — Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын дириэктэрэ Ольга Ивановна Семенова: «Үс сыллааҕыта периодическай таһаарыылар эрэ баар буоллахтарына, билигин трансформация буолан аудио- уонна видеоконтеннар баар буоллулар. «Средство массовой коммуникации нового типа» бырайыакпыт өйөбүл ылбыта. Балаҕан ыйын 1 күнүттэн Дьокуускай куорат 5 кылааһын үөрэнээчилэригэр бастакы үлэбитин ыытыахтаахпыт. «СГО» диэн электроннай дневниги бары билэҕит. Оҕолор, төрөппүттэр сыананы кытта туһалаах информацияны ылыахтарын баҕараллар. Ол курдук, история, география, биология, нуучча тыла, литературата, төрөөбүт тыл, литература предметтэрин үлэбит биир далааһыныгар таллыбыт. Дневниккэ «Командно — тематический план» диэн баар. Онно биһиги keskil14.ru порталбытыттан сигэ бэриллэр. Тута систиэмэ бэйэтэ этэ туруоҕа. Холобур, «19 үйэҕэ саха сиригэр туох буола турбутай?» диэн. Оҕо сигэни баттаан биһиги контеммытын көрөр. Салгыы кини сыаналарын буонуска таһаарар кыахтанар. Буонустарын «Алмазэргиэнбанк» нөҥүө дохуокка эргитэр. Инньэ гынан дьиэ кэргэнигэр көмө буолар, олох суот-учуот өрүтүн кытта билсэр. «Чуораанчык» таһаарыытын тула 12 биэрии, 6 мультипликационнай киинэ тахсыахтара. Билигин 40 медиа-оскуоланы хабан олоробут. Төрөөбүт тылы харыстааһыҥҥа, сайыннарыыга былааммыт киэҥ, элбэх».
«Сахалыы букубаарга көмө буолар «Буукуба эйгэтэ» диэн кинигэни таһаардыбыт. Научнай эрэдээктэрбит Светлана Степановна Семенова. Үлэбитигэр Таатта улууһун учууталлара көмөлөспүттэрэ. Кюар-куод нөҥүө мультипликационнай матырыйааллары көрүөххэ, сахалыы тыл сөпкө саҥарыытын истиэххэ сөп», — диэн кэпсээтэ Айыы Кыһатын алын кылааһын учуутала Варвара Петровна Дьяконова.
Эбэҥки норуотун бэрэстэбиитэллэрэ, учууталлара кыһалҕаларын кытта үллэһиннилэр: «Саха тыла сайдарын туһугар ыытыллар үлэлэри олус ымсыыра көрдүбүт. Эһигини кытта тэҥнэстэххэ, биһиэхэ туох да суох. Эбэҥки тылын үөрэтэр оскуола аҕыйах. Төрөппүттэр «Зачем ребенку второй иностранный язык» дииллэр. Биир эрэ учуобунньугунан үөрэнэбит. Ол эрээри, норуоппут дьонугар кыра да буоллар, интэриэс баар. Ону бигэргэтэр: куруһуокпутугар үс көлүөнэ дьоно сылдьар».
Айыы Кыһатын саха тылын учуутала, суруйааччы Рустам Николаевич Каженкин эбэҥки тылын учууталларын санааларын ыһыктыбакка, матырыйааллары хомуйан бэйэлэрэ портал тэрийэллэригэр ыҥырда: «Мин аан бастакы сахалыы тыл саайтын администратора буолабын. Саха тылыгар, икки эрэ сыллааҕыта, интернет ситимигэр туох да суох этэ. Билигин сайдыы күүстээхтик бара турарын бэйэҕит көрдүгүт».
Болҕойон ааҕыҥ:
1. Саҥа «ФГОС» бырагыраамматынан 5, 6 кылаастар үлэлииллэр.
2. Өрөспүүбүлүкэлэр судаарыстыбаннай тылларын үөрэтии предметнэй уобаласка киирдэ. Ол аата, халыыпка талар вариана сылдьар эбит буоллаҕына, билигин булчугуччулаах чааска киирдэ. Былааҥҥа «Язык как государственный», «Родной язык», «Родная литература» биир устуруоканан үөрэтиэххэ сөп.
3. Бырагырааммаҕа тэтимнээх саҥа диэн саҥа чаас киирдэ. 18 чаастаах.
Эльдар Садовников