Сэтинньи 22-24 күннэригэр Дьокуускай куоракка саха тылын, литэрэтиирэтин уонна култууратын учууталларын ll-с өрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэһэ буола турар. Быйылгы сийиэс Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар, саха суругун-бичигин төрүттээччи С.А. Новгородов төрөөбүтэ 130 сылыгар уонна тыллар тустарынан сокуон ылыллыбыта 30 сылын көрсө ыытыллар.
Сийиэс сүрүн сыала Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр саха тылын сайыннарыы, федеральнай судаарыстыбаннай үөрэх ыстандаартарын тиһигэр киллэрэн төрөөбүт тылбытын, литературабытын уонна култуурабытын үөрэтии ис хоһоонун, хаачыстыбатын үрдэтии туһунан дириҥ ис хоһоонноох кэпсэтиини тэрийии, сүбэлэһии, инники улэлиир хайысхалары торумнааһын буолар. Сунтаар улууһуттан барыта холбоон 19 дэлэгээт кыттыыны ыла сылдьабыт.
С.Н. Донской-II аатынан Үөрэх сайдыытын уонна идэни үрдэтэр институт дьиэтигэр Ааҕыы сылыгар анаммыт литературнай салон ыытылынна. Кэлбит ыалдьыттары институт үлэһиттэрэ сылаас алаадьынан үөрэ-көтө көрүстүлэр. Тэрээһини саха тылын учууталларын түмсүүтүн салайааччыта Ж.Ф. Барашкова ыытта.
Литературнай салону Үөрэх сайдыытын уонна идэни үрдэтэр институт дириэктэрэ Н.М. Павлов народнай поэт Семен Данилов »Саха саҥата» хоһоонун ааҕан аста. Ыалдьыт быһыытынан норуот поэта И.В. Мигалкин, норуот суруйааччылара С.А. Попов-Тумат, Н.В. Михалева-Сайа, прозаик А.Е. Варламова-Айысхаана ыҥырыллан сырыттылар. Кинилэргэ улуустарын дьоно сибэкки дьөрбөтүн туттардылар.
Саха тылын учууталлара 80-тан тахса киһи сырытта. Дьокуускай куорат 1 N-дээх оскуолатыттан »Тыыннаах тыл» үөрэнээччилэр бөлөхтөрө кэлэн уус-уран ааҕыыны иһитиннэрдилэр, ырыа ыллаатылар. Оттон 7-с N-дээх оскуола оҕолоро Д.К .Сивцев-Суорун Омоллоон »Сайсары» драматыттан быһа тардыыны көрдөрдүлэр.
»Айар» кинигэ кыһатын редактора О.А. Янцен кэлэн, кинигэ оҥоруутугар саҥа сыыппара технологиятын туһунан кэпсээтэ. »Үрдэл» паарка арт-директора Николь Егорова саха чулуу дьонун мэтириэттэрэ уонна кэс тыллара суруллубут халандаарын таһаарбыттарын туһунан кэпсээтэ, ыалдьыт суруйааччыларга бэлэх уунна.
»Аныгы кэм уонна ааҕыы туһунан» диэн тиэмэҕэ суруйааччылар уонна учууталлар истиҥ кэпсэтиилэрэ өргө диэри тардылынна. Учууталлар суруйбут хоһооннорун ааҕан иһитиннэрдилэр.
Маны таһынан доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго фольклор көрүҥнэрин үөрэтии маастар кылааһыгар сырыттыбыт. Аны СӨ Национальнай библиотекатыгар «Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тылларын виртуальнай түмэлэ» бырайыак сүрэхтэниитэ буолан ааста. Манна өрөспүүбүлүкэбит араас муннуктарыттан төрөөбүт тыл, култуура учууталлара, тыл үнүстүүтүн идэлээхтэрэ, библиотека үлэһиттэрэ кыттыыны ыллыллар. Бу тэрээһиҥҥэ түмэл үлэтин, хайысхаларын туһунан билиһиннэрдилэр. Куйаар ситиминэн үлэлиир мусуой салааларын билиһиннэрдилэр.
Бу тэрээһин түмүгэр 100-тэн тахса учуутал VIP-ааҕааччы билиэтин ылар чиэскэ тигистэ. Ил Дархан А.С. Николаев сахабыт тыла сайдыытыгар 100 мөлүйүөн көрүллүө диэн этиитэ барыбытын үөртэ. Феодосия Васильевна саха тылын, литературатын кабинета эрэ буолбакка, оскуола аайы лаборатория баар буолуо диэбитэ олус кэрэхсэбиллээх. Мантан салгыы түмүк докумуоннары ылыныы күүтүллэр.
Кэпсээтэ саха тылын уонна литературатын учуутала, сийиэс дэлэгээтэ Татьяна Фокинова,
Сунтаар бастакы нүөмэрдээх орто оскуолата.