Антонина Петровна Терехова — Е.Е. Эверстов аатынан Кэбээйи орто оскуолатын 40 сыл педагогическай ыстаастаах саха тылын уонна литературатын учуутала. РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СР үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара. 15 сыл устата саха тылын учууталларын методическай холбоһуктарын салайааччытынан үлэлээбитэ.
Антонина Петровна 2001 сылтан «Тэгэлик» оҕо устуудьуйатын салайар. Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Бастыҥ кылаас салайааччыта», «Сыл методиһа» күрэххэ анал аат кыайыылааҕа.
Кини үөрэнээччилэрэ өрөспүүбүлүкэтээҕи «Олоҥхо дойдутун оҕотобун» бэстибээл, «Aман өс» күрэҕин, «Көтүөххэ үрдүккэ хотойдуу» уоланнар ааҕыыларын кыайыылаахтара.
Антонина Петровна Терехова, Е.Е. Эверстов аатынан Кэбээйи орто оскуолатын
саха тылын уонна литературатын учуутала: «Омук күүһэ — өйүгэр, өйүн күүһэ — тылыгар» диэн бэргэн этии суолтата улахан. Саха оҕото ийэ тылыттан тэйиитэ барыбытын дьиксиннэрэр. Дьиэ кэргэн, уһуйаан, оскуола оҕону иитиигэ улахан суолталаахтар. Итиннэ тирэҕирэн ыал педагогиката сайдарыгар үлэ күүскэ барарын ситиһиэххэ наада. Ийэ тылы туттар эйгэбитин кэҥэтэргэ үлэни күүһүрдүөҕүҥ».
«Дьоҕур» пресс-киин, Кэбээйи орто оскуолата.