Саха тылын, литературатын, култууратын учууталларын II сийиэһин дэлэгээтэ — Үөһээ Бүлүү улууһун лиссиэй-интэринээтин саха тылын, литературатын учуутала Маргарита Николаевна Анисимова.
Маргарита Николаевна үрдүк квалификациялаах категориялаах, 25 сыл педагогическай ыстаастаах саха тылын, литературатын учуутала. «Сыл бастыҥ учуутала-2015» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх лауреата, «Учууталлар учууталлара» анал бэлиэ хаһаайына, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин туйгуна. Аҕыс сыл устата саха тылын, литературатын өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэҕэр муҥутуур кыайыылаахтары бэлэмнээбит учуутал.
Маргарита Николаевна: «Сийиэс дэлэгээтэ буолан, туох этиини этинэбит диэн санаа үүйэ-хаайа тутта. Тылбыт сүтэн эрэр диэн үрдүттэн саба быраҕан этии тутах. Дьиэ кэргэн, уһуйаан тылы үйэҕэ сүтэрбэт туһугар систиэмэлээхтик тэринэн, күн аайы санаатын ууран, салгыбакка дьарыктанара туһаны аҕалыа этэ. Оскуолаҕа 5,6 кылаас үөрэнээччилэригэр нууччалыы саҥарар, өйдүүр оҕо ахсаана элбэх. Тыл үөрэҕинэн дьарыгырар методистар үлэлэригэр олоҕуран, тургутугу гугл диискэҕэ уган, хас биирдии кылааска хонтуруолунай үлэ ыытан, анаалыстаан, биир уопсай быһаарыыны ылан, боппуруос туруоран, түмсэн саха тылын быыһыыр суолу тобулуоҕуҥ!».
Маргарита Николаевна этиитэ сийиэс дэлэгээттэрин өйөбүлүн ылыа диэн эрэлбит улахан.
Ороһу орто оскуолатын эдкорпоһа.