Саха тылын, литературатын, култууратын учууталларын II-с өрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэһин чэрчитинэн сэтинньи 23 күнүгэр “Саха тылын, литературатын, кэпсэтии тылын олимпиадатын саҥалыы көрүү” түһүлгэтэ ыытылынна. Араас таһымнаах олимпиадалары тэрийэр, сорудахтары оҥорор тыл үөрэхтээхтэрэ уонна таһымнаах олимпиадаларга кыайыылаах үөрэнээччилэри бэлэмнээн таһаарар учууталлар кыттыыны ыллылар.
Кэпсэтиини тыл билимин доктора, профессор Г.Г. Филиппов 1991 сыллаахха аан бастакы саха тылын олимпиадатын ыытыы бастакы уопутун, историятын, ол саҕанааҕы сорудахтары билиһиннэрдэ. Саха тылыгар уонна литератураҕа ыытыллар олимпиадалар учуутал үлэтин түмүгэ уонна саха тылын предметигэр үрдүк суолта биэрии буоларын тоһоҕолоон эттэ.
СӨ Билим дьоҕус Академиятын дириэктэрэ В.К. Павлов “Дьоҕурдаах оҕолор” тустаах бырагыраамма чэрчитинэн олимпиаднай хамсааһыны билиһиннэрдэ.
М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Саха тылын кафедратын сэбиэдиссэйэ, доцент Д.И. Чиркоева Хотугулуу-Илиҥҥи олимпиада (СВОШ) иһинэн тэриллэр саха тылын уонна култууратын олимпиадатыгар учууталлар улахан болҕомтолорун ууралларыгар ыҥырда. Бу олимпиадаҕа кыттан, үрдүк баал ылбыт оҕо, үрдүк үөрэх кыһатыгар быһа киирэр кыахтанар буоларын санатта. СВОШ олимпиада барылын, түһүмэхтэрин уонна сорудахтарын туһунан кэпсээтэ. Саха тылын учууталлара төрөөбүт тылга аналлаах олимпиадалар тустарынан мунаахсыйар ыйытыктарын, кыһалҕаларын аһаҕастык кэпсэттилэр. Дэлэгээттэр түһүлгэ олус сэргэхтик ааста диэн бэлиэтээтилэр.
keskil14.ru