Бастакы фундаментальнай саха тылын тылдьытын оҥорбут лингвист, этнограф Эдуард Карлович Пекарскай алтынньы 25 күнүгэр төрөөбүтэ 165 сылын туолар.
Эдуард Карлович 1858 сыллаахха Минскэй губернияҕа Игуменскай уездка төрөөбүтэ. Ийэтэ эрдэ өлөн тастыҥ эһэтигэр иитиллибитэ. Харьковскай ветеринарнай институтка үөрэнэ сылдьан, норуот хамсааһыныгар кыттан, 1878 с. тутуллан байыаннай-полевой суут быһаарыытынан Саха сиригэр көскө ыытыллар.
Дьокуускайга 1881 сыллаахха кэлэр, кинини Боотурускай улууһугар (Таатта) Игидэй нэһилиэгэр олохтууллар. Онно Эдуард Пекарскай сүүрбэччэ сыл курдук олорор. Бу олорон кини саха тылын тылдьытын хомуйуутунан дьарыктанар.
Эдуард Пекарскай көскө олорбут балаҕана билигин Игидэйтэн Чөркөөххө көһөн турар. «Учуутал — оҕоҕо» рубрикаҕа Чөркөөхтөөҕү «Саха сиринээҕи политсыылка» историко-мемориальнай мусуой үлэһитэ Изабелла Яковлевна Жерготова кыттыыны ылар. Видеоны уонна Эдуард Пекарскай олорбут балаҕаныттан сэдэх каадырдары манна көрүҥ.
keskil14.ru