- Уопсай балаһыанньа:
1.1.Тэрийээччилэр: Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын института, Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата.
1.2. Олимпиадаҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин оскуолаларыгар саха тылын, литературатын үөрэтэр III-IV, V-VI, VII-VIII кылаас үөрэнээччилэрэ кытталлар.
1.3. Олимпиада ыытыллар кэмэ: сэтинньи 16 күнэ — ахсынньы 16 күнэ 2020 сыл.
1.4. Ыытыллар сирэ: keskil14.ru
- Олимпиада сыала-соруга:
2.1 Саха оҕотун төрөөбүт тылыгар, литературатыгар, төрүт култууратыгар уонна норуот историятыгар билиитин тургутан көрүү, айар дьоҕурун сайыннарыы.
2.2. Олимпиада соруктара:
2.2.1. Саха тылыгар, литературатыгар уонна култууратыгар интэриэһи үөскэтии, үөрэнээччи билиитин тургутан көрүү;
2.2.2. Оҕо бэйэтин норуотун историятын үөрэтиитин көҕүлээһин;
2.2.3. Оҕо сахалыы толкуйа, анаарыыта сайдарыгар олугу ууруу;
2.2.4. Талааннаах үөрэнээччилэргэ сайдар эйгэни тэрийии;
2.2.5. Саха оҕоту өй-санаа өттүнэн сайыннарыыга усулуобуйаны тэрийии;
- Олимпиада тэрээһинэ:
3.1. Олимпиада Дьүүллүүр сүбэтэ: Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын института, «Кэскил» оҕо хаһыатын эрэдээксийэтэ.
3.2. Олимпиада сорудахтара оскуола үөрэтэр бырагырааматыгар олоҕуран оҥоһулуннулар.
3.3. Олимпиада сахалыы тылынан ыытыллар.
3.4. Олимпиада төлөбүрэ — 200 солкуобай. Төлөбүрү 8-984-112-99-51 нүөмэргэ Вера Прокопьевна Петрова аатыгар Сбербанк-онлайн нөҥүө ыытаҕыт.
3.5. Кыттааччы сайаапката: Кыттааччы сайаапкатын https://keskil14.ru аадырыска киирэн толорор. Төлөбүрү туоһулуур квитанцияны айар үлэ сорудаҕын кытта тэҥҥэ keskil_keskil@mail.ru электроннай аадырыска ыытар.
- Олимпиада сорудахтара:
4.1. Олимпиада I чааһыгар 20 талыы халыыптаах ыйытыктаах, II чааһыгар кыттааччы 3 бэриллибит тиэмэттэн биир сөбүлээбитин талан айар үлэ суруйар;
4.2. Олимпиада I чааһын https://keskil14.ru саайтка киирэн, 35 мүн. иһигэр толоруллуохтаах;
4.3. Айар үлэ ирдэбилэ: III-IV кылаастар өйтөн суруйуулара – 150 тылтан аҕыйаҕа суох, V-VI кылаастар – 170 тылтан аҕыйаҕа суох, VII-VIII кылаастар – 200 тылтан аҕыйаҕа суох буолара ирдэнэр;
4.4. Айар үлэ тиэмэлэрэ (биир тиэмэни талыы): “Доруобай олох – дьоллоох олох”, “Сахалыы ыраастык саҥарыах”, “Ким доҕордоох – ол дьоллоох” (III-IV кылаастарга), “Хамсык тула мин санаам”, “Тыл — норуот кэскилэ”, “Атас туһугар атах тостор” (V-VI кылаастарга), “Хамсык иннинэ уонна хамсык кэннэ олох”, “Социальнай ситимнэргэ саха тыла”, “Саха литературатыгар доҕордоһуу тиэмэтэ” (VII-VIII кылаастарга).
4.5. Айар үлэ сорудаҕын олимпиада I чааһа толоруллубутун кэннэ 2 күн иһигэр keskil_keskil@mail.ru электроннай аадырыска сканердаан ыытыллар;
- Түмүк
5.1. «Бэргэн-2020» өрөспүүбүлүкэтээҕи саха тылыгар, литературатыгар уонна култууратыгар олимпиада кыттыылаахтара туоһу суругунан наҕараадаланыахтара. Туоһу суруктары олимпиада бүппүт күнүттэн 10 үлэ күнүн иһигэр электроннай аадырыска ыытыллар;
5.2. Хас биирдии бөлөххө I, II, III миэстэлэр тахсаллар. Кыайыылаахтар Грамотанан уонна бириистэринэн наҕараадаланыахтара. Уһулуччулаах өйтөн суруйуулар «Кэскил» оҕо хаһыатыгар бэчээттэниэхтэрэ;
5.3. Кыайыылаахтары бэлэмнээбит учууталлар, бөлөх аайы саамай элбэх оҕону бэлэмнээбит учууталлар СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтиттэн махтал суруктарынан наҕараадаланыахтара.
Тэрийэр бөлөҕү кытта билсэр нүөмэргит: 8-914-298-68-06.
6 6
Участвую
Участвую
Участвую
Кыттабын
Кыттабын
Участвую