Ахсынньы 14 күнүттэн биһиги улууска Саха тыйаатырын бэстибээлэ ыытылынна. Бары истибиккит курдук, биһиэхэ саҥа тыйаатыр дьиэтэ дэндэйбитэ, аан бастакы артыыстарынан үлэлээбит щепкинецтэр, билигин да сорохторо саха тыйаатырыгар үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Онон сиэттэрэн саамай аатырбыт, тыйаатыр визиткалара да диэххэ сөп: «Төлкө», «Дыгын Дархан», «Илиир Хоруол», «Ревизор», «Бэйбэрикээн эмээхсин», «Хаарыан хампа күөх кытылым» эспэктээктэри аҕалан, бэрт сэргэхсийиини таһаардылар.
Буолумуна да, Ньурба олохтоохторо өр күүппүт артыыстара илэ бэйэлэринэн толорор айымньыларын көрбөтөхтөрө ырааттаҕа… Соҕотох Ефим Степановы, Зоя Багынанованы, Изабелла Николаеваны — кумир оҥостубут артыыстарын тутан олорон көрөн астыннахтара. Мин үөрэрим иһин, пушкинскай каарта оскуола оҕолоругар тэриллиэҕиттэн, элбэх улахан кылаас оҕолоро классик айымньыларга сылдьан, көрбөтөхтөрүн көрөн, истибэтэхтэрин истэн, оннооҕор нуучча улуу айымньытыгар «Ревизорга» тыа оскуолаларын оҕолоро, тоҕо анньан ыалдьыттаан ааспыттарын кэрэхсиэххэ эрэ сөп.
Онтон » Бэйбэрикээн эмээхсиҥҥэ» кыра кылаас оҕолоро бүтүн кылааһынан сылдьыбыттара хайҕаллаах суол буоллаҕа. Аатырбыт сахабыт тыйаатыра ити курдук кэрэни кэрэхсэтэ, дьиктини дьиибэргэтэ, сэргэҕи сэҥээрдэ сырыттын, аны да биһиэхэ, Ньурбаларга, кэлиэхтэрэ диэн эрэнэ хаалабыт. Артыыстабыт барахсаттар этэҥҥэ сылдьыҥ, норуот сайдарын туһугар үлэлээҥ, аны көрсүөххэ дылы!
Юлиан Алексеев, 10 кыл. үөрэнээччитэ «Ыллык» пост, Ньурба Хаҥалаһа.