Марфа, Сергей Расторгуевтар ааттарынан Саха циркэтэ төрүттэммитэ 25 сылыгар аналлаах Норуоттар икки ардыларынааҕы «Мамонтенок» фестиваль доҕотторун, Америка, Колумбия, Израиль, Монголия, Вьетнам, Казахстан, Бурятия, Татарстан, Москва, Пермь, Краснодарскай идэтийбит артыыстарын түмтэ.
Хас биирдии нүөмэри цирковой искусство идэтийбит Бочуоттаах үлэһиттэрэ, Россия циркэтин деятеллэрин бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, Россия норуодунай артыыһа Евгений Биляуэр, Россия үтүөлээх артыыһа Борис Федотов, Никулин циркэтин режиссера Оксана Дружинина, Монголия култууратын үтүөлээх деятелэ Эрэндорж Дорж, Израиллааҕы циркэ норуоттар икки ардыларынааҕы фестивалын Президенэ Слава Нусинскай, итиэннэ оҕолор, художественнай гимнастикаҕа өрөспүүбүлүкэтээҕи турнир призера Нарыйаана Барахсанова, «Zavod» үҥкүү устуудьуйатын иитиллээччитэ Диана Егорова-Lil Di, «Эн сулускун» интерактивнай телевизионнай куонкурус кыайыылааҕа Мичийээнэ Еремеева көрдүлэр, сыаналаатылар.
Фестиваль чэрчитинэн Саха циркэтин сайдар кэскилигэр анаммыт Форум буолла. Онно Саха циркэтин дьиэтэ салгыы тутулларын, ханнык хайысханы эбии сайыннарыахха сөбүн туһунан анал идэлээхтэр кэпсэттилэр, санааларын эттилэр.
«Мин—моҕойбун»
Кини тоноҕоһо суох курдук, иирэ талахтыы дьикти имигэс. Атаҕынан ох сааны ытан, ыйанан турар саарыгы табан, Саха сирин көрөөччүтүн чахчы сөхтөрдө, үөртэ! 23 саастаах Нарантуя Мунхжаргал «Каучук» нүөмэринэн Франция, Италия, Германия, Турция, Таиланд, Япония, Австралия, Москва көрөөччүлэрин абылаабыта. Кини «Мамонтенок» фестивальга Боруонса сэлиичээни тутта!
Нарантуя бэрт кыратыттан, алта саастааҕар цирк умсулҕаннаах эйгэтигэр, эбэтэ сүбэлээн сыстыбыт.
—Биһиэхэ, Монголияҕа цирк элбэх, хас да хайысха сайдыбыт: акробатика, джигитовка, каучук, о.д.а. Киирии билиэт сыаната 25000—35000 тугрик,—диир Нарантуя. – Мин нүөмэрим — уһуктан эрэр моҕойу санатар. Бэйэбин моҕой курдук сананабын. Моҕойу кытта ситимнээхпин дии сананабын. Монгол омугар үөн улахан суолтаны ылар. Ким баҕарар имигэс буоларга эрчиллиэн, дьарыктаныан син дии саныыбын. Ол гынан баран, эти-сиини соһуччу имитэр-хомутар сыыһа, эчэйиэххэ сөп. Мин нэдиэлэҕэ биэс төгүл, үстүү чаас дьарыктанабын. Иллэҥ кэммэр санааларбын тиһэн, хоһоон гына суруйабын, ечин диэн норуотум үнүстүрүмүөнүгэр оонньуубун.
Бурятияттан кэлбит артыыс Марат Дашемпилов кэпсэтиибитин тылбаастаан биэрдэ. «Луо», «моҕэ» диэн тыллар сахалыыга майгынныыллар эбит. Нарантуялыын кэпсэтэ олорон, атын монгол тылларын өйдөөбөтөрбүн да, ити икки тылы илэ истэн үөрдүм!
Быйыл Байкалга сылдьан, Абарҕа моҕой, Луо туһунан истибит үһүйээннэрбин санаан кэллим: Байкалга, далайын түгэҕэр сөҥөн олорор Абарҕа моҕой, биитэр, үөһэттэн көрдөххө, Луону санатар Байкал күөл… Аны, тувин тылыгар тустуук диэн «могэ» диэн эбитин Тываттан сылдьар артыыс быһаарбыта.
Вьетнам мэлдьи чаҕылхай
«Мамонтенок» фестивальга Вьетнам мэлдьи чаҕылхайдык кыттар. Хаар-муус диэн суох дойдутуттан, муҥутаан 5 кыраадыс сылаас тымныылаах Вьетнамтан «Воздушный номер с зубником на трапеции» диэн нүөмэри Нгуен Ти Бинх, Нгуен Ти То Уюн көрдөрдүлэр. Кыргыттар салайааччылара Чан Мань Куонг Саха сиригэр үһүс төгүлүн сырытта.
Нууччалыы үчүгэйдик саҥарар:
—Москваҕа, циркэ үөрэҕэр үөрэммитим, ол иһин нууччалыы кэпсэтэбин. «Аатыҥ кимий», диэтэхтэринэ, «Куонг Чан Мань» диэн уһуна бэрдин иһин, нуучча доҕотторум «Коля», диэн бэйэлэрэ ааттаабыттара. Инньэ гынан, нууччалыы тыллаахтарга — Колябын. Москваҕа бииргэ үөрэммит доҕорум Александр Березкин—Клоун Сашаны манна кэллэхпинэ наар үөрэ-көтө көрсөбүн. Бу дьиэ хаһаайката, салайааччыта Марфа Петровна Колесова-Расторгуева туһунан олус үчүгэй өйдөбүллээхпин. Циркэҕэ олус бэриниилээх, айымньылаах сыһыаннаах киһи этэ.
Саха сириттэн биэс бастыҥ
Фестиваль түмүгүнэн биһиги өрөспүүбүлүкэбититтэн кимнээх бастыҥ буолан, тэрээһин бэлиэтин, «сэлиичээни», туттулар? «Жонглер на лошади» нүөмэрдээх Пантелеймон Габышев («Кыһыл көмүс сэлиичээн»), «7 Я» акробатическай бөлөх, «Русская палка» нүөмэри толорооччулар Уйусхан Потапов, Александр Посельскай, Евгений Березкин («Үрүҥ көмүс сэлиичээн»), «Северные животные» нүөмэри толорооччу Мария Жиркова, «Каучук» —«Next 3» бөлөх («Боруонса сэлиичээн»).
Ааптар: Жанна Леонтьева.