Быйыл бэчээт эйгэтигэр бэлиэ суолталаах сыл. Ол курдук Сахабыт сирин бастыҥ типографията төрүттэммитэ 160 сыла, норуот хаһыата «Кыым» 100 сааһа, «Айар» кинигэ кыһата 95 сыла, оҕо-аймах тапталлаах хаһыата «Бэлэм буол»-«Кэскил» 85 сааһа. Дьэ, дьикти-эриэккэс, ситим быстыбат устуоруйалаах сыыппаралар! Онтон бу аҥаардас сыыппара эрэ буолбатах эбээт, бу бүттүүн саха норуотун олоҕо, историята, сайдыытын кэрэһитэ.
Атырдьах ыйын 12 күнүгэр Национальнай художественнай мусуойга «Якутия» медиа-холдинг үбүлүөйдээх 160 сылыгар анаммыт «Саха типографията: Уруккута. Билиҥҥитэ. Инникитэ» диэн ааттаах быыстапка үөрүүлээх арыллыыта буолан ааста.
Үөрүүлээх тэрээһини медиа-холдинг сүрүннүүр дириэктэрэ Владимир Сыромятников арыйда. Кини бастатан туран типография бэтэрээннэрин, үлэһиттэрин бу бэлиэ түгэнинэн эҕэрдэлээтэ. Ханнык баҕарар история кэрэһитэ киһи буоларын, кинигэтэ суох олох муудараһын киһи билбэт диэн тоһоҕолоон туран эттэ.
Бу күн типография бииргэ алтыһар-үлэлэһэр доҕотторо үтүө тыллары анаатылар. С.А.Новгородов аатынан «Айар» кинигэ кыһатын салайааччыта Август Егоров медиа-холдинг Саха сирин экэниэмикэтигэр уонна култууратыгар кылаата улаханын, үрдүк таһымнаах үлэни ыытарын этэн аһарда. «Типография историята — бу Сахабыт сирин историята», — диэн кини чопчулаан бэлиэтээтэ.
«Ситим» медиа-бөлөх дириэктэрин солбуйааччыта Владимир Степанов типографияны кытары олоҕун 32 сыла быстыспат сибээстээҕин, үлэлээбит сылларын үтүөтүк ахтарын, бэчээт эйгэтин «оскуолатын» буһуутун-хатыытын бу манна ааспытын эттэ. Кини: «Бэчээт тыла өрүүтүн баар буолуоҕа, бэчээт тылын сүгэнэн да солоон кыайбаккын» диэн туран инники үлэҕэ ситиһиилэри баҕаран туран эҕэрдэ анаата.
Маны таһынан кэлбит ыалдьыттар «Сахамедиа» холдинг салайааччыта Виктор Колесов, СӨ Национальнай библиотекатын дириэктэрин солбуйааччыта Василий Борисов өрөспүүбүлүкэ бөдөҥ судаарыстыбаннай бэчээтин холбоһуга сүҥкэн улахан үлэни ыытарын, ону көрдөрөр быыстапка үбүлүөйдээх сылга хомуллан-ситэриллэн дьон көрүүтүгэр тахсыбыта олус үөрүүлээҕин, бары үчүгэйи баҕаран туран этэн аһардылар.
Үгэс курдук быыстапканы арыйыыга аалай кыһыл лиэнтэни кырыйар чиэс 40-тан тахса сыл ыстаастаах типография бэтэрээнигэр, Саха сирин тарбахха баттанар бастыҥ полиграфиһыгар Манько Вера Васильевнаҕа, «Якутия» медиа-холдинг дириэктэригэр Владимир Сыромятниковка, С.А.Новгородов аатынан «Айар» кинигэ кыһатын салайааччыта Август Егоровка тигистэ.
Бу тэриллибит быыстапка Саха сиригэр кинигэ, хаһыат бэчээтин эйгэтэ Саха сиригэр сайдыытын, атаҕар турарын анааран кэпсиир. Киһи кэрэхсээн, сэргээн булан көрөр сэдэх экспоната элбэх: 1917 сыллаахха бэчээттэнэн тахсыбыт сурук-бичик букубаарыттан саҕалаан 142 күн космонавт Олег Кононенконы кытары үөһээ куйаарга көтө сылдьыбыт Өксөкүлээх Өлөксөй «Алгыс» кинигэтигэр диэри.
Онон, күндү ааҕааччылар, үйэ аҥаарыттан ордук быстыспат ситими олохтуур Саха сирин киэҥ историятын, баай култууратын кэрэһэлиир, бэчээт эйгэтин сайдыытын сырдатар бэлиэ түгэни куоттарбакка, быыстапканы сөҕө-махтайа, сэргээн көрөргүтүгэр ыҥырабыт.
Быыстапка атырдьах ыйын 29 күнүгэр диэри ыытыллар.
Суруйда Анна СЛЕПЦОВА.
Ааптар хаартыскалара.