Саха театрын иһинэн “Күн оҕолоро” диэн устуудьуйа иккис сылын айымньылаахтык үлэлиир. Салайааччы – Ньургуйаана Шадрина.
Былырыын баччаларга оҕолор үгүстэрэ сыанаҕа хаһан да тахса илик этилэрэ. Оннук дьону театр артыыстара, итиэннэ ырыаҕа, үҥкүүгэ анал идэлээх үлэһиттэрэ дьаныардаахтык дьарыктаан, “мастерство актера”, “сценическая речь”, “сценическое движение”, “вокал”, “история театра”, о.д.а. хайысхаларга уһуйан, бэйэлэрин тустаах үлэлэриттэн быыс булан, нэдиэлэ ахсын 3-тэ эрчийэн, билигин оҕолор улахан артыыстары кытта бииргэ оонньуу сылдьаллар.
Устуудьуйаҕа сүүмэрдээһини ааспыт 14 оҕо дьарыктанар. Былырыын Саҥа дьыл өрөбүллэригэр “Алаа Моҕус” остуоруйаҕа кыттыбыттара. Онтон саас “Билбэтчэй Күннээх куоракка” испэктээги бэйэлэрэ көрдөрбүттэрэ.
Бу үөрэх дьыла саҕаланаатын кытта күүскэ бэлэмнэнэн, “Ойуунускай оҕолоро” диэн испэктээги туруордулар. Ону сэргэ Былатыан Ойуунускай “Ыраахтааҕы ыйааҕа”, “Имииһит түүлэ” испэктээктэригэр кытыннылар.
—Манна сылдьыахтарыттан ыла оҕолорбут арылыннылар, бэйэлэригэр эрэллээх буоллулар. Атын ханнык да куруһуоктарыттан ордороллор. Тоҕо диэтэххэ, театр эйгэтэ ураты тыыннаах, киһи ис кыаҕын, дьоҕурун уһугуннарар, талаанын таһаарар күүстээх. Айымньы киһи дууһатын иитэр аналлааҕын бары билэбит. Оҕолорбут манна кэлэн, айымньыны ааҕан, ис хоһоонун өйдөөн, ону бэйэлэрэ оонньоон көрдөрөн, өй-санаа өттүнэн сайдаллар, кэрэни кэрэхсиир нарын дууһалаах, киһилии сиэрдээх, сахалыы тыллаах, духуобунай баайдаах дьон буола улааталлар. Онон Саха театра маннык кэскиллээх бырайыагы олоххо киллэрэн, дойдуларыгар бэриниилээх, омуктарын өрө тутар ыччаты иитиигэ үлэлэһэрин биһириибит, сыралаах үлэлэригэр махтанабыт, — дииллэр төрөппүттэр.
«Күн оҕолоро» саҥарар, кэпсиир дьоҕурдарын сайыннарар буоланнар, оскуолаларын ааттарыттан хоһоон ааҕыытын күрэҕэр кытыннахтарына, мэлдьи миэстэлэһэллэр. Кинилэр истэригэр “Саха” НКИХ биэриитин ыытааччылара кытта бааллар. Оттон Арылхан Лебедев Россия биллэр артыыһа Владимир Епифанцевтыын “Дьулуур” диэн киинэҕэ бииргэ уһулла сылдьар. Эдэркээн артыыстарга ситиһиини баҕарыаҕыҥ.
А.Иевлева.