Сэтинньи 15 күнүгэр Чаппандаҕа буолбут өрөспүүбүлүкэтээҕи «Төрүччү» научнай-чинчийэр конференцияҕа «Мин төрдүм-ууһум номохторо» диэн секцияҕа кыттыыны ыллым. Үлэм аата «Аҕа ууһум төрүччүтэ» диэн буолар. Бу үлэбэр мин аҕам өттүнэн төрүттэрбин үөрэттим уонна төрүччүбүн оҥордум.
Чинчийэр үлэбэр аймахтарым Владимир Михайлович Николаев уонна Василий Николаевич Николаев-Куххата Баһылай үлэлэрин туһанным. «Акана. Ньурба улууһа» уонна «Ытык өбүгэлэргэ сүгүрүйэн» диэн кинигэлэрин аахтым, үөрэттим. Уопсай түмүккэ 54 кыттыбыт оҕоттон 3 миэстэ буолан олус үөрдүм.
Төрүччүнү үөрэтэр элбэх бириэмэни ылар, дьулууру-тулууру эрэйэр кэрэхсэбиллээх дьарык эбит. Саха төрдө буолбут Эллэй аҕата Тайма Тобольскайтан мин 19-с көлүөнэ буоларбын биллим.
«Төрүччү» научнай-чинчийэр конференцияны тэрийээччилэргэ махтанабын, тэрээһини олус сөбүлээтим. Оҕолорго төрүччүгүтүн үөрэтиҥ диэн сүбэлиибин.
Ньургун Николаев, П.С. Егоров аатынан Акана орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ.