Саха киһитэ былыр-былыргыттан Дьөһөгөй оҕотугар — сылгыга сүгүрүйэр. Саха киһитигэр сылгы — миинэр миҥэ, көлүллэр көлө, таҥнар таҥаһа, иҥэмтиэлээх аһа, аны туран, симэнэр киэргэлэ. Дугуйдан Винокуров, удьуор сылгыһыт, саха сылгытын өрө тутан, киниэхэ сүгүрүйэн туран Өймөкөөнтөн Москва куоракка диэри сылтан ордук уһун, киэҥ, сылаалаах айана ону туоһулуур.
Бүгүн, балаҕан ыйын 20 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэтээҕи медиа-кииҥҥэ саха сылгытын аар-саарга аатырдыбыт экстремал-айанньыт, сылгыһыт Дугуйдан Винокуров айанын түмүгүн сырдатар көрсүһүүтэ буолан ааста. Суруналыыстары кытары көрсүһүүнү Арассыыйатааҕы географическай уопсастыба Саха сиринээҕи салаата иилээн-саҕалаан ыытта. Кыттыыны РГО Саха сиринээҕи салаатын бэрэссэдээтэлэ Александр Горохов, РГО чилиэнэ, айан координатора Егор Борисов, атыы-эргиэн, туризм уонна урбаан миниистирэ Тимур Ханды ыллылар.
Дугуйдан Винокуров бэйэтэ Өймөкөөн оройуонун Томтор нэһилиэгин удьуор сылгыһыт Винокуровтар диэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэнтэн силис-мутук анньар. Дугуйдан ыал аҕата, уоллаах кыыс оҕолоох, кэргэннээх.
Саха сылгытынан Москваҕа диэри айан өссө былырыын, 2021 сыллаахха, кулун тутар ыйга саҕаламмыта. Уонна оруобуна сылтан ордук — от ыйын ыйын 30 күнүгэр, Москуба куоракка, түмүктэммитэ.
Ити курдук, номнуо национальнай дьоруой буолбут Дугуйдан Винокуров уонна кини сылгылара Хаастаах Хонор барыта —
11 тыһ. килэмиэтири,
17 эрэгийиэни
7 чаһы курдааһынын — тулуурдаахтык ааһан сыалларын-соруктарын ситистилэр.
— Айаммыт сыала-соруга ситтэ. Биһиги сүрүн сыалбыт саха сылгытын ураты кыаҕын, тулуурун дьоҥҥо-сэргэҕэ, киэҥ эйгэҕэ сырдатыы, тиэрдии буолар. Билигин куйаар ситимигэр «якутская лошадь» диэн суруйдахха, тута биһиги айаммыт туһунан тахсар.
Айаммыт саамай ыарахан кэмэ — төрөөбүт дойдубут устун айаннааһын, ону тэҥэ Иркутскай уобалас уонна Бурятия өрөспүүбүлүкэтин хоту өттүтүн туорааһыныгар этэ. Онтон Бурятияттан, Улан-Удэттэн федеральнай трассаҕа киирэн, айаммыт быдан чэпчэки буолбута, — диэн Дугуйдан Винокуров кэпсиир.
Айаҥҥа бэлиэ түгэннэр
— Бу айаммытыгар бэлиэ түгэннэр элбэх этилэр. Аҥардас айаммыт суолугар билгэ бэлиэлэр да бааллара ону кэрэһэлиир. Холобура, Красноярскай куоракка оруобуна Аҕа дойду көмүскээччилэрин күнүгэр, олунньу 23 күнүгэр, тиийбиппит. Онтон балаҕан ыйын 5 күнүгэр, Сунтаартан айаҥҥа туруммуппутугар, 80 сыл анараа өттүгэр бу мантан Аҕа дойду сэриитигэр фроҥҥа хомуур ыҥырыллан барбытын туһунан олохтоохтор кэпсээбиттэрэ. Онтон Саха сирин кыраныыссатын балаҕан ыйын 27 күнүгэр, Саха судаарыстыбаннаһын декларацията ылыллыбыт күнүгэр, ааспыппыт. Уонна бу күн, балаҕан ыйын 27 күнүгэр, мин төрөөбүт күнүм.
Сылгыларым куота сылдьыбыттара
— Красноярскай куораттан Кемерово айаннаабыппыт. Онно ат кулуубун сүгүрүйээччилэрэ олус үчүгэйдик көрсүбүттэрэ. Кемероваҕа кыһалҕалары көрсүбүппүт — сылгыларбыт боккуобалара түһэн хаалар буолбуттара, онно элбэхтэ уларыппыппыт. Салгыы Новосибирскайга айаннаабыппыт, ол айаҥҥа биир сылгыбыт моһуогуран, төттөрү дойдутугар ыыппыппыт. Манна РГО Саха сиринээҕи салаата улахан көмөнү оҥорторо. Новосибирскайтан бэйэм соҕотоҕун айаннаабытым. Омскайга икки сылгыларым куотан киһини эрэйдээн, ууга-хаарга түһэрэ сылдьыбыттара. Ол маннык этэ: сарсыарда 5 чааска балааккабар чэй иһэ олордум. Сылгыларым аттыбар аһыы сылдьаллар. Арай ол чуумпуга эмискэ аттыбытыгар туртас кэлэн «часкыйда». Сылгыларым туртаһы хаһан даҕаны харахтаан көрө иликтэр, туртас уонна отой атыннык саҥа таһаарар эбит, часкыйар курдук, ону истээт аан бастаан Хонор сүүрэ турда, оттон Хаастаах оруобуна муннум анныттан куоппута. Дьэ, ону сырсыакалаһыы буолбута. Сылгыларым тыа диэки сүүрбүттэрин билэбин, манна аҕам Семен Львович үөрэҕэ сыттаҕа, кини «сылгы хаһан даҕаны аһаҕас буолаҕа куоппат, кини тыа таһыгар куотуон сөп» диэн этэрэ. Онон быһа холоон билэр этим, хайда диэки куотуохтарын, онон суолбун өссө быһалыы түспүтүм. 3 чаас кэриҥэ сүүрбүтүм кэннэ, сылгыларбын көрдүм, хата, ыҥырбыппар тохтоотулар. Хаастаах 20 миэтэрэлээх быалаах сылдьара, ону тутан тохтоппутум. Онтон төттөрү ханна барарбын билбэппин, телефонум навигаторын туһанан, трасса суолугар тахсан, тохтообут сирбитигэр кэлбиппит. Ити курдук, сарсыарда 5 чаастан күнүс 1 чааска диэри сылгыларбын кытары моһуогура сылдьыбытым.
Уолбар Дархаҥҥа эрэллээх этим
Казань куоракка уолум Дархан бэйэтэ баҕа өттүнэн миигин кытары айанныырга туруммута. Кини кыттыспытын кэннэ айаммыт олус бэһиэлэй, чэпчэки буолбута. Оҕом бу айаны тулуйуо диэн билэр уонна эрэллээх этим. Көмөтө да элбэх этэ, айаҥҥа сылайбатын ахсарбакка, балааккатын туруоран, сылгылары аһатарга көмөлөһөн, ас астаан, барытыгар тэҥҥэ сылдьыспыта. Чувашияҕа киирэрбит саҕана, тыаҕа наһаа элбэх дьэдьэни көрбүппүт, маннык элбэх дьэдьэн үүнэн турарын саҥа көрбүппүт, онон оҕобун кытары астына-дуоһуйа сиэн турардаахпыт, бэл сылгыларбыт амсайан тураллар. Өймөкөөҥҥө дьэдьэн диэн үүммэт буоллаҕа. Москваҕа киирэрбитигэр биһигини Саха сиринээҕи постпредство көрсүбүтэ. Онтон айаммыт тиһигэ Коломенскай пааркаҕа, Саха сирин автономиятын 100 сылыгар анаммыт үбүлүөйдээх ыһыахха, түмүктэммитэ. Оҕобун, Дарханы кытары, уһун-киэҥ, сылаалаах айаммын этэҥҥэ ааһан, дойдубут тэбэр сүрэҕэр түмүктээбиппиттэн киэн туттабын.
Үчүгэйгэ саха сылгытыгар аналлаах бырайыак
Дугуйдан Винокуров билиҥҥитэ дойдутугар, Өймөкөөн Үчүгэйигэр, туристическай бааза арыйар сыаллаах үлэни саҕалаата. Баазаҕа туристар кэлэн ат үрдүгэр олорон Өймөкөөн кэрэ-бэлиэ сирдэринэн айанныыр, сынньанар усулуобуйата тэриллиэхтээх. Бу сайынын, кыһынын тохтообокко үлэлиир бырайыак буолуохтаах. Маны таһынан манна Саха сирин сылгыһыттара мустар сирдэрэ, саха сылгытыгар аналлаах мусуой эмиэ тэриллэрэ былааннанар. Бу бырайыагы Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев өйүүрүн туһунан миниистир Тимур Ханды иһитиннэрдэ.
Анна СЛЕПЦОВА.