«Оҕо уонна ыччат общественнай холбоһуктарын өйүүр» туһунан Российскай Федерация Государственнай Думатыгар Ыччат политикатын туһунан Сокуоҥҥа эбии ылыныыны киллэрдилэр.
Ити олус үөрүүлээх уонна олохтоох, ыллыктаах дьаһал бу сыл ахсынньы 23 күнүгэр Москва куоракка Государственнай Дума үһүс ааҕыыларыгар киирдэ. Бүтүн Россия үрдүнэн тарҕанан сытар субъектар ыччаттарын биир тэҥ бырааптаах буолууларын туһунан этиллэр.
Федерация таһымыгар бу сокуоҥҥа инникитин: «ыччат», «эдэр ыал», «ыччат политиката», «ыччат общественнай холбоһуктара» курдук киэҥ салаалары көрүөхтэрэ.
Россия гражданнарыгар ыччат буолар саас —14-тэн 35-гэр диэри хабыллар. Ыччат политикатын дириҥник көрөн, сыалын-соругун, хайысхатын, бириинсиптэрин чопчу тутан олорон үлэлиир субъектар ааттара бэлиэтэнэр.
Бу дьаһал—сокуон «ыччат», «эдэр ыал», «ыччат политиката», «ыччат общественнай холбоһуктара» программалары өйүүр тэрээһиннэргэ олоҕуран, хас биирдии региоҥҥа төрүт уратылары учуоттаан туран, ол иһигэр государственнай федеральнай, муниципальнай, субъектар государственнай программаларыгар киирсэн үлэ барарарын туһунан этиллэр.
Биһиги республикабытыгар Ыччат политикатын туһунан сокуон 1996 сыллаахха ылыныллыбыта. Ол да иһин, бу салааны сөптөөхтүк салайарга уонна тэрийэргэ балачча баай уопут баарын бэлиэтиибит. Федеральнай сокуоҥҥа Саха сирин ыччатын общественноһа биир бастакынан, ыччат сааһын 14-тэн 35-гэр диэри киллэрэр сөптөөх уонна оруннаах диэн этии киллэрбитэ.
Ити курдук, Саха сирин 100 сыллаах Автономиятын көрсө, биһиги республикабыт көхтөөх ыччатын холбоһуктара республикабыт, государственноспыт баар буоларын туһугар турууласпыт чулуу дьоммут, үтүөкэннээх салайааччыларбыт үтүө үгэстэрин үйэлэргэ салгыахтара.