Бүгүн ахсынньы 23 күнүгэр Ф.И. Авдеева аатынан оҕо айымньытын дыбарыаһыгар «Мы — будущее России» XVI-с Өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо гражданскай форума буолла. Кыттааччылар бүгүн уопсайа сэттэ хайысханан арахсан, бырайыактары оҥорон көмүскээтилэр. Ол курдук, «Открывай страну!» туризм хайысхатыгар Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус Алдан уонна Уус Майа улуустарыттан сылдьар оҕолор кыттыыны ыллылар.
Хайысха сүрүн сыалын туһунан салайааччы Дмитрий Ковальскай бу курдук билиһиннэрдэ: «Я являюсь сотрудником регионального отделения «Движения первых» по Республике Саха (Якутия) на сегодняшнем мероприятии на гражданском детском форуме мы работаем на площадках, я являюсь модератором площадки «Туризм по Республике Саха (Якутия)» дети собрались из пяти районов, в общем у нас 46 детей на площадке, все дети являются участниками «Ёлки главы» нашей республики. Дети приехали со своими проектами, со своей гражданской осознанной позицией, которую хотят выразить через проект по семи направлениям «Движения первых» и дети представили свои проекты, которые они реализуют на территории своих улусов. Их сегодняшняя задача, для уже большого жюри объединить в один проект, который они представят сегодня. Чтобы показать, что каждый район — он уникален, у них есть свои внутренние проекты в рамках туристического направления. И так же дети готовы объединиться чтобы создать общую идею, общую концепцию туризма по Якутии. Так видят новое поколение, так видит туризм молодежь. Очень хорошо, что дети привезли с собой на «Ёлку главы» свое видение, думаю что, взрослым будет интересно посмотреть. Туризм в Якутии малыми группами, заинтересованными группами, люди с других регионов хотят увидеть самобытность улусов нашей республики, у которых есть своя богатая история, каждый улус имеет свою историческую фишку. Я думаю, что если дети доведут до конца свои идеи и будущие туристы, которые приедут в нашу республику попадут на один из маршрутов, которые разработали наши дети, будут приятно удивлены богатой историей наших улусов. Надеюсь что, их поддержат власти республики, профильные министерства тоже обратят внимание. Может быть какие-нибудь идеи, а может быть будущие специалисты будут привлечены из числа детей, которые участвуют в этом мероприятии сегодня».
Кыттааччылар хайысха үлэтин бастакы аҥаарыгар бэйэлэрин улуустарыгар үлэлэтэ сылдьар бырайыактарын туһунан кэпсээтилэр. Ол курдук,
Таатта улууһун оҕолоро — «Айан» диэн мобильнай сыһыарыы туһунан;
Томпо улууһун оҕолоро — Томпо улууһун хайаларыгар сатыы хаамар маршрут туһунан;
Уус Алдан улууһун оҕолоро — улуус култуурунай баайын сырдатар маршрут туһунан;
Уус Майа улууһун оҕолоро — археологическай өйдөбүнньүктэрин көрдөрөр маршрут туһунан кэпсээтилэр.
Маршруттар бары кэриэтэ улуус историятын, култууратын баайын сиһилии арыйаллар. Онтон тэрээһин иккис аҥаарыгар биэс улуус оҕолоро түмсэн биир уопсай, биһиги Өрөспүүбүлүкэбит кэрэ айылҕатын, баай историятын арыйар бырайыагы оҥорон көмүскээтилэр.
Бырайыак туһунан Уус Алдан улууһун, Лөгөй орто оскуолатын үөрэнээччитэ Коля Олесов бу курдук сырдатта: «Биһиги хайысхабыт «Туризм и путешествия» диэн. Бу хайысхаҕа биһиги 5 улуус оҕолоро бары көхтөөхтүк кыттан икки чаас иһигэр биир саҥа бырайыак оҥорон таһаардыбыт. Биһиги бырайыакпытын «Туризм в экстремальных условиях Якутии» диэн ааттаатыбыт. Бу иннинэ билсибэт оҕолорбутун кытта түп-түргэнник, бары бииргэ толкуйдаан үчүгэй бырайыак оҥорон таһаардыбыт уонна көмүскээтибит».
Бу курдук өрөспүүбүлүкэбит бастыҥ оҕолорун түмпүт оҕо гражданскай форума күргүөмнээх үлэ аргыстаах ньиргийэн ааста. Саҥа саҕахтары арыйан эдэр көлүөнэбит түмсүүлээх, доҕордуу сыһыаннаах, Ийэ дойдуга туһалаах дьон буола улааталларыгар баҕарыаҕыҥ.
keskil14.ru