Изот Кривошапкин – дойдубут бастыҥ спортсменнарыттан биирдэстэрэ. Остуол тенниһигэр Арассыыйа боруонса мэтээлин, булкуйа (смешаннай) оонньооһуҥҥа кыһыл көмүс мэтээлин хаһаайына. Кини Чурапчы улууһун Хатылы нэһилиэгиттэн төрүттээх, билигин Москуба куоракка 1-кы нүөмэрдээх Олимпийскэй резервэ училищетын иитиллээччитэ.
Ситиһии, дьаныардаах дьарык, баҕа санаа туһунан Изоттуун төлөпүөнүнэн кэпсэттибит:
– Хаһааҥҥыттан остуол тенниһинэн дьарыктанаҕыный?
– Мин Чурапчы улууһун Хатылы нэһилиэгэр элбэх оҕолоох Кривошапкиннар дьиэ кэргэҥҥэ иккис оҕонон күн сирин көрбүтүм. Ийэм Марина Семеновна, аҕам Геннадий Изотович, бииргэ төрөөбүт сэттиэбит.
5 сааспыттан остуол тенниһинэн дьарыктанан кэккэ ситиһиилэнэн барбытым. Бастакы тренерым төрөппүт аҕам Геннадий Изотович Кривошапкин буолар. Теннискэ бастакы олукпун кини уурбута, бу спорт көрүҥэр тапталы үөскэппитэ. Бастаан убайбын Вованы дьарыктыыр этэ, элбэх ситиһиилэммиттэрэ, ол кэннэ мин, онтон бырааттарым, балтыларым дьарыктанан саҕалаабыттара. Аҕабыт бэйэтэ теннисист, бастаан мин 4 саастаахпар, уһуйааҥҥа сылдьар кэммэр, Чурапчыга эрэ буолбакка куоратынан кытары күрэхтэһиилэргэ, дьарыктарга көрөөччү курдук илдьэ сылдьар этэ. Онтон 5 сааспыттан күрэхтэһиилэргэ кыттар буолбутум, бэйэм саастыылахтарбыттан оонньуур оҕо суох буолан, улахан дьону кытта күрэхтэһиннэрэллэр этэ.
– Теннистэн ураты тугунан дьарыктанаҕыный?
– Сүрүн дьарыгым – теннис.Иллэҥ кэммэр дьоммор көмөлөһөбүн, бырааттарбын кытта оонньуубун, сынньанабын.
– Күрэхтэһэ киирэргэр хайдах бэлэмнэнэҕин? Долгуйааччыгын дуо?
– Суох, улуханнык долгуйбаппын. Кыра эрдэхпиттэн кытта үөрүйэх буолан, күрэхтэһэ холкутук тахсабын.
– Кыра эрдэххиттэн спордунан дьарыктанаргын билэбит. Күнү быһа көҥүл сылдьар атын оҕолорго төһө ымсыырар этигиний? Биирдэ эмит теннистээн бүтэр эбиппин диэн санаа киирбитэ дуо?
– Наар аҕабын батыһа сылдьарым, сайыһан туран, бэйэм баҕаран туран дьарыкка барсар этим. Көҥүл сылдьар оҕолорго ымсыырбыппын өйдөөбөппүн. Теннистээн бүтүөм этэ диэн санаа олох биирдэ да киирэ илик, тохтуур санаам суох.
– Москубаҕа дьарыгын туһунан кэпсээ эрэ? Көспүккүн кэмсиммэккин дуо? Дойдугун төһө ахтаҕыный?
– Училищеҕа биһиги уопсай үөрэхпит таһынан күҥҥэ иккитэ дьарыктанабыт. Нэдиэлэҕэ алтата күүскэ дьарыктанабыт. Тренердэр өттүлэриттэн ирдэбил кытаанах. Дьарыкпытыттан элбэх тутулуктааҕын, оччотугар эрэ ситиһиилэнэрбитин бары өйдүүбүт. Төһө да дойдубун күүскэ аҕыннарбын, Москубаҕа дьарыктана, үөрэнэ көспүппүн олох кэмсиммэппин, үүнэ-сайда кэлбитим, спорт эйгэтигэр өссө үрдүк ситииһиилэнэр баҕа санаалаахпын.
– Спордунан дьарыктаныан баҕалаах оҕолорго тугу сүбэлиэҥ этэй?
– Саҥа саҕалыыр оҕолорго дьаныары, тулууру, дьулууру баҕарабын. Күүстээхтик дьарыктаныҥ, көтүтүмэҥ, сүрэҕэлдьээмэҥ. Элбэх күрэхтэһиилэргэ сылдьыҥ, дьон хайдах күрэхтэһэрин көрүҥ. Оччоҕуна элбэх ситиһии кэлиэ. Спорду таптааҥ, спордунан дьарыктаныҥ.
Кэпсэттэ Амелия Винокурова, VII «Б» медиакылаас,