Быйылгы үөрэх дьылыттан Хаҥалас улууһун үс оскуолатыгар медицинэ хайысхалаах кылаастар аһыллыахтара. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Ой орто оскуолатыгар, Өктөм научнай-үөрэтэр киинигэр уонна 3-с №-дээх Покровскай орто оскуолатыгар номнуо 40 үөрэнээччини ылбыттара бэлиэтэнэр.
«2020 сыл кулун тутар ыйыттан биһигини коронавирус ыарыыта буулаан ыктарыылаах кэмҥэ олоробут. Онуоха, медицинэ эйгэтигэр үлэлиэн баҕалаах оҕолор барыбыт доруобуйабыт туһугар туруулаһар быраастар, сиэстэрэлэр, медицинэ бары үлэһиттэрин эҥкилэ суох үлэлэрин көрөллөр», — диэн улуус баһылыга Олег Еринеев бэлиэтээтэ.
Бырайыак көҕүлээччитэ, 1-кы №-дээх өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа — Национальнай медицинэ киинин генеральнай дириэктэрэ Станислав Жирков бэлиэтээбитинэн, маннык анал хайысхалаах кылаастар доруобуйа харыстабылын исписэлиистэрин уонна үлэһиттэрин бэлэмнээһин хаачыстыбатын тупсарар сыаллаах аһыллаллар. Маны таһынан, аны сайын үлэлиэхтээх сайыҥҥы оскуола туһунан иһитиннэрдэ.
«Аны сайын үөрэнээччилэрбитигэр 10 күннээх сайыҥҥы лааҕыры тэрийиэхпит, практическай, теоретическай дьарыктар, биллиилээх быраастары кытта көрсүһүүлэр буолуохтара уонна, биллэн туран, биология, химия бирэдимиэттэрин үөрэтиэхтэрэ», — диэтэ кини.
Сиһилии: http://nvk-online.ru/new