Дипломатическай үбүлүөйгэ анаан Уһук Илин федеральнай уокуруг Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэҕирии уонна наука министиэристибэтэ Хабаровскайдааҕы Кытай норуодунай өрөспүүбүлүкэтин Генеральнай консульствотын, Ляонин провинция тас дойду дьыалаларын Канцеляриятын өйөбүллэринэн быйыл атырдьах ыйын 20-27 күннэригэр оскуола оҕолоругар анаан Далянь уонна Шеньян куораттарга культурнай-познавательнай экспедицияны тэрийдилэр. Экспедицияҕа өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан 15 оҕо кытынна, ол иһигэр Ленскэй III-с нүөмэрдээх орто оскуолата, Сунтаартан политехническай лицей-интернат, Кутана орто оскуолата, Хаҥалас улууһун Ой нэһилиэгин туспа предметтэргэ дириҥэтиллибит үөрэтиилээх А.В. Дмитриев аатынан орто оскуола, Дьокуускайтан Арктическай оскуола, «Центр глобального образования» гимназия, Куораттааҕы VIII-с нүөмэрдээх классическай гимназия, XXI-c нүөмэрдээх орто оскуола, В.И. Малышкин аатынан XXIII-с нүөмэрдээх орто оскуола, Чиряевтар ааттарынан Дьокуускайдааҕы национальнай гимназия кытыннылар. Группа салайааччыта – Арктическай оскуола кытай тылын учуутала Светлана Петровна Семенова.
Оҕолору кытай тылын үөрэтэр оскуолалартан сүүмэрдээбиттэрэ. Онно үөрэнээччилэр региональнай уонна бүтүн Россиятааҕы кытай тылын олимпиадаларыгар, наукаҕа, култуураҕа, успуорка араас таһымнаах күрэхтэргэ ситиһиилэрэ учуоттаммыта.
Владивостокка оҕолор Японскай муора кытылыгар кэрэ көстүүлээх «Юнга» лааҕырыгар тохтообуттара. Манна сарсыардааҥҥы зарядка, үгүс тэрээһин ыытыллыбыта. Оҕолор Өрөспүүбүлүкэ Уһук Илин уокурукка Бастайааннай бэрэстэбиитэлин Ким Александрович Борисовы кытта көрүстүлэр. Ким Александрович Бэрэстэбиитэлистибэ үөрэҕириигэ туһааннаах бырайыактарын өйүүрүн бэлиэтээтэ: «Бу оскуола оҕолоругар билини хаҥатарга, саҥаны билэргэ-көрөргө, атын норуот култууратын, менталитетын, олоҕун кытта билсэн бэйэҕэ эрэмньилээх буола сайдарга, ону таһынан аан дойдуга саҥа доҕоттору буларга төһүү буолар».
Бырагырааммаҕа Шеньяннааҕы педагогическай университеттыын, Шеньяннааҕы Чжичен орто оскуолатын уонна Даляннааҕы технологическай университеттыын кэпсэтии киирбитэ. Манна оҕолорго эбии үөрэхтээһиҥҥэ маастар-кылаастар, китайскай, английскай уонна нуучча тылларыгар дьарыктар ыытыллыбыттара Культурнай бырагыраамма чэрчитинэн кыттааччылар Ляониннааҕы палеонтологическай, Научно-техническай, Даляннааҕы естествознание түмэллэригэр, ону таһынан культурно-историческай бэлиэ сирдэргэ (Шеньяннааҕы Гугун дыбарыас комплексыгар, Лаобэй эргэ куоратыгар, Ботаническай садка) сырыттылар, Китайскай цирковой ускуустуба бэстибээлин сэргээтилэр.
Оҕолор Ляонин провинция иностраннай дьыалаларга салайааччы Ванныын көрүстүлэр, устудьуоннарга уонна преподавателлэргэ хомустаан, оһуохайдаан уонна, ытыктабылларын, махталларын биллэрэн кытай үҥкүүтүн үҥкүүлээн музыкальнай композицияны көрдөрдүлэр.
Светлана Петровна Семенова, Арктическай оскуола кытай тылын учуутала, кытай тылыгар ВСОШ түмүктүүр этабын кыттааччытын бэлэмнээбит: «Ляонин провинция иностраннай дьыалаларын Канцелярията биһиги экспедициябытыгар анаан олус сэргэх, сонун бырагыраамманы бэлэмнээбит. Оҕолор бэйэлэрин саастыылаахтарын кытта алтыстылар, Кытай култууратын билистилэр. Шеньян атын омук тылларын оскуолатын дириэктэрэ нуучча уонна кытай тылларын хардарыта үөрэтэргэ устудьуоннары атастаһар туһунан этии киллэрдэ. Ону таһынан Шэньяннааҕы педагогическай университет преподавателлэрин көрүстүбүт. Ляонин провинция биир саамай үчүгэй үрдүк үөрэх тэрилтэтин – Даляннааҕы технологическай университетын көрдүбүт. Манна оҕолор бу университекка хайдах киириэххэ сөбүн биллилэр, босхо үөрэнэр кыах баарын сэргээтилэр. Экспедицияны тэрийээччилэргэ барҕа махтал!
Дайаана Ноговицына, X-с кылаас, Арктическай оскуола, В.П. Ларионов аатынан «Инникигэ хардыы – Шаг в будущее» Өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай конференция лауреата, АРТ-Севера бүтүн Россиятааҕы айар күрэх лауреата, илиҥҥи уонна английскай тыллар «Восточный ориентир» олимпиадатын дипломана: «Мин Шеньяннааҕы оскуоланы ордук биһирээтим. Кытай устуоруйатын туһунан үгүс саҥаны биллим. Биһиэхэ Саха сиригэр Кытайтан эмиэ үөрэнээччилэри ыалдьыттата ыытыахтара диэн эрэнэбин. Бу кэрэхсэбиллээх уопуту ылбыппар, олус интэриэһинэй айаҥҥа кыттыспыппар тэрийээччэлргэ махтанабын!»
Анастасия Филиппова, IX-с кылаас, Дьокуускайдааҕы «Центр глобального образования» гимназия, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Билим алын академиятын действительнай чилиэнэ, бүтүн Россиятааҕы научнай-практическай конференциялар кыайыылаахтара, «Большие вызовы» научнай-технологическай бырайыактар күрэхтэрин региональнай этабын призёра: «Мин бу экспедицияттан үтүө өйдөбүллээх хааллым. Ордук оскуолаҕа сылдьан кытай оҕолорун кытта тэҥҥэ үлэлээбиппиттэн астынным. Уруһуйга университет преподавателин маастар-кылааһыгар веерга уруһуйдуур олус умсугутуулаах этэ, Ракушка түмэлигэр бэйэбит сувенир оҥорбуппут, онон ол оҥоһукпун көрө-көрө, бу экседицияны, Ляонин провинциятын истиҥник саныам. Кытайга өссө да кэлиэхпин баҕарабын. Тэрийээччилэргэ, бөлөхпүт салайааччытыгар Светлана Петровнаҕа, тас дойду дьыалаларын Канцеляриятыгар, Ляонин мэрийэтигэр Кытайы араас өттүттэн көрөр-билэр кыахтаммыппар махтанабын».
Саян Терентьев, IX-с кылаас, Ой орто оскуолата, ушу тайцзицюань күрэҕин, Өрөспүүбүлүкэтээҕи кытай тылын уонна култууратын III-с бэстибээлин кыайыылааҕа, бүтүн Россиятааҕы «Тропой открытий В.И. Вернадского» конференция дипломана: «Мин Кытайга сылдьан кытай төрүт аһын-үөлүн амсайыахпын баҕарбытым өр буолла. Тэрийээччилэргэ махтанабын!»
Анастасия Эртюкова, IX-с кылаас, Сунтаардааҕы политехническай лицей-интернат, Үөрэнээччилэр олимпиадаларын черчениеҕа Өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэҕин кыттыылааҕа, Улуустааҕы XIX-с оҕолор архитектурнай-художественнай быыстапка-олимпиадаларын кыайыылааҕа, Архитектура уонна дизайн декадатын призера, Норуоттар икки ардыларынааҕы кэтэхтэн аһаҕас «Лига 3D» V-с чемпионат призера. «Мин бу экспедицияҕа ордук түмэллэри уонна экскурсиялары сөбүлээтим. Кытай устуоруйатын уонна билиҥҥи олоҕун туһунан үгүс саҥаны биллим. Дойду кэрэ көстүүтүн уонна уратытын сөхтүм. Кытай биһигини олус истиҥник көсүбүтэ. Тэрийээччилэргэ махталбын тиэрдэбин.»
Полина Фролова, Александра Маркова, X-с кылаас, Дьокуускайдааҕы XXIII-с нүөмэрдээх оскуола, кытай тылыгар ВСОШ муниципальнай уонна региональнай этабын, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ оскуола оҕолоругар кытай тылыгар олимпиадатын призердара, китаистар 1-гы региональнай форумнарын ааҕыыга күрэҕин кыайыылааҕа:
«Кытайга айаммыт түмүктэннэ, биһиги бу сырыыбыт туһунан үтүө өйдөбүлү өр тута сылдьыахпыт. Кытай култууратын, устуоруйатын туһунан үгүһү биллибит, барыта сонун этэ. Маастар-кылаастарга бэчээт, кытайдыы пельмень, веер хайдах оҥоһулларын биллибит, кытай төрүт аһын амсайдыбыт. Оскуолаҕа уонна университекка сылдьыбыппыт, атын дойду устудьуоннарын кытта алтыспыппыт ордук санаабытыгар хатанна. Мин Кытайга сылдьыбыппыттан олус астынным. Үгүс түмэли, бэлиэ сирдэри көрдүбүт, билиибитин хаҥаттыбыт. Шеньян оҕолорун кытта доҕордостум, онтон эмиэ олус үөрэбин. Хаһан эмит Кытайга өссө тиийиэм, үгүһү билиэм диэн эрэлим улахан.»
Аэлита Васильева, X-с кылаас, Кутана орто оскуолата, «Краски Китая» Өрөспүүбүлүкэтээҕи худежественнай-эстетическэй бэстибээл лауреата: «Шэньяҥҥа саамай сөхпүтүм диэн бу хотугу куорат архитектурата уонна ураты кута. Даляҥҥа аныгы тутуулары, туристары тардар кэрэ кытыллары дуоһуйа көрдүм. Ону таһынан оскуола оҕолорун кытта билсэн, кинилэр олохторун-дьаһахтарын уратытын өйдөөтүм. Бу уопут мин хотугулуу-илин Кытай култууратын туһунан билиибин хаҥатта».
Алина Евсеева, X-с кылаас, Дьокуускайдааҕы национальнай гимназия үөрэнээччитэ, Дьокуускай куорат саахымакка первенстволарын уонна олимпиадаларын кыайыылааҕа: «Кытайга сырыыбыт умнуллубат өйдөбүл буолла. Аан бастаан дойдубутуттан ыраах барарбыт кутталлаах курдуга, ол эрээри атын сири-уоту көрөрбүтүттэн олус долгуйбуппут. Күн аайы туох эрэ сонуну, Кытай култууратын уонна устуоруйатын арыйан билэрбит, көрөрбүт-истэрбит. Мини үгүс дьону кытта билистим, саҥа доҕоттордоннум. Кытайы олус сөбүлээтим, өссө да кэлиэхпин баҕарабын».
Михаил Матвеев, IX-с класс, Ой орто оскуолата, «XIV-с Ксенофонтовскай ааҕылар» Өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай конференция лауреата, «Краефест-2022» бүтүн Арассыыйатааҕы краеведческай түмсүүлэр бэстибээллэрин «Искатель» иккис лигатын кыайыылааҕа: «Кытайга айаным миэхэ өр сылларга өйбөр-сүрэхпэр хатаныа. Даляҥҥа, Нэньяҥҥа кытай устудьуоннара хайдах олороллорун, үөрэнэллэрин биллим, кинилэр биһигини олус үчүгэйдик көрсүбүттэрэ. Кытай оскуолаларын оҕолорун кытта доҕордостубут. Тэрийээччилэргэ улаханнык махтанабын!».
Диана Кононова, X-с кылаасс, Дьокуускайдааҕы XXI-с нүөмэрдээх орто оскуола: «Мин университеттарга, оскуолаларга сылдьыбыппытын ордук сэргээтим. Оскуола оҕолорун кытта билсиспиттэн астынным. Биһигини илдьэ сылдьыбыт Олегка, Галяҕа, Кимҥа доруобуйаны, дьолу, олохторугар уонна үлэлэригэр ситиһиини баҕарабын. Тэрийээччилэргэ махтал!»
Анна Гордеева, Валерия Феоктистова, Ева Мальгина, VIII-с кылаас, Ленскэй куорат III-с нүөмэрдээх оскуолата, «Олоҥхо дойдутун талааннара» өрөспүүбүлэкэтээҕи күрэх, норуодунай артыыс А. Афанасьев аатынан «Bravo, dancer!» үҥкүү күрэҕин кытайдыы үҥкүү номинациятын лауреаттара, драконнаах открыткалар күрэхтэрин кыайыылаахтара: «Бөлөхпүтүн кытта икки куоракка – Шэньяҥҥа уонна Даляҥҥа сырыттыбыт. Океанариуму, циркэни, түмэллэри көрдүбүт, ол эрэн мин Шэньяннааҕы тыл оскуолатын уонна педагигеческай үниверситетын ордук сэргээтим. Онно биһигини олус истиҥник көрсүбүттэрэ, актыыбынай бырагыраамманы бэлэмнээбит этилэр. Кытай национальнай аһын амсайдым, култууратын билистим бу дойду туһунан үгүс сонуну биллим».
«Бу сырыы олус дириҥ ис хоһоонноох буолла, биһиги икки университекка сылдьан араас маастар-кылаастарга кытынныбыт. Мин Кытайы көрөр кыахтаммыппыттан олус үөрэбин, тоҕо диэтэххэ бу айаммытыгар олус элбэҕи биллим, саҥа доҕоттордоннум.»
«Мин Кытайы сөбүлээтим. Дьоно-сэргэтэ үөрүнньэҥ, ыалдьытымсах баҕайы эбиттэр. Экспедициябыт кэмигэр Кытай үгэстэрин билистим. Тэрийээччилэрбитигэр махтанабын!»
Айталина Фёдорова, X-с кылаас, Арктическай оскуола, Норуоттар икки ардыларынааҕы Кытай култууратын V-с бэстибээлин «Oriental Challenge» каллиграфияҕа күрэҕин кыайыылааҕа»: «Бу сырыыга мин ордук оскуолаларга уонна университеттарга сылдьыбыппытын сэргээтим. Кытай үгэстэрин, култууратын, бырааһынньыктарын билистим. Кытай устуоруйата, мин санаабар, олус дьикти, ураты. Тэрийээччилэрбитигэр улахан махтал, мин бу айаммытын хаһан да умнуом суоҕа!»
Саргылана Копырина, VIII кылаасс, VIII -с нүөмэрдээх Куораттааҕы классическай гимназия, Бэйан куоракка «Дружба» бэстибээл кыттыылааҕа, волонтердар хамсааһыннарын чилиэнэ: «Мин Кытайы олус сөбүлээтим. Архитектурата, дьоно-сэргэтэ, үгэстэрэ киһини сөхтөрөллөр, кэрэлэринэн умсугуталлар. Бөлөхпүт эмиэ олус үчүгэй, Кытай култууратын, кэрэ көстүүлэрин туһунан үгүһү биллим. Тэрийээччилэрбитигэр Олегка, Галяҕа, Кимҥа, салайааччыбытыгар Светлана Петровнаҕа махталым муҥура суох, кинилэр биһиги айаммыт умнуллубат, элбэх билиини бэлэхтиир буоларын туһугар үлэлээтилэр».
Үөрэнээччилэр, төрөппүттэр уонна учууталлар ааттарыттан делегация тэрийээччилэргэ махталын биллэрэр, өссө да саҥа үөрэхтээһин бырайыактарын олоххо киллэрэ туруҥ! Бу Кытай уонна Арассыыйа дипломатическай сыһыаннарын 75 сылыгар анаммыт культурнай-образовательнай бырагыраамма-экспедиция икки дойду оскуола уонна үрдүк үөрэх эйгэтигэр партнерствоҕа маҥнайгы бырайыак буолан бу сыһыан салҕыы сайдарыгар ордук бэлиэ.
Кытай норуодунай Өрөспүүбүлүкэтэ уонна Саха сирэ орто үөрэх, үрдүк үөрэх устудьуоннар, аспираннар уонна преподавателлэр академическай мобильностарын эйгэтигэр, ону таһынан научнай чинчийиилэргэ Российко-китайскай тыл үөрэҕириитин университеттарын Альянсын, Уһук Илин уонна Сибиир регионнарын уонна Хотугулуу-илиҥҥи Кытай үрдүк үөрэх кыһаларын ассоциациятын, Арассыыйа уонна Кытай классическай университеттарын ассоциациятын, Арассыыйа уонна Кытай техническэй университеттарын ассоциациятын, Российско-Азиатскай арктическай чинчийиилэр консорциумнарын, Российско-Китайскай успуорт кыһыҥҥы көрүҥнэрин университеттарын Ассоциациятын, Арассыыйа уонна Кытай довузовскай үөрэҕирии тэрилтэлэрин чэрчитинэн үлэлэһэллэр.
2019 сыллаахтан М.К. Аммосов аатынан ХИФУ-га Арассыыйа уонна Кытай доҕордоһууларын уопсастыбатын Саха сиринээҕи салаата уонна 30-тан тахса оскуоланы силбиир кытай тылын үөрэтэр оскуолалар ситимнэрэ үлэлииллэр.
Оскуолалар ситимнэрин чэрчитинэн кытай тылын үөрэтиигэ аналлаах төгүрүк остуоллар, күрэхтэр, олимпиадалар, тыл стажировкалара, уонна да атын тэрээһиннэр ыытыллаллар. 2024 с. Олунньуга ХИФУ-га китаистар 1-гы Форумнара тэриллэн бэйэтин площадкатыгар кытай тылын үөрэтэр оскуолалар салайаачыларын, китаистика уобалаһыгар экспердэри, Кытай уонна Россия университеттарыттан кэлиэгэлэрин түмпүтэ, онтон 33 оскуола Саха сиринээҕи.
2020 с. Ахсынньыга оскуолалар ситимнэрэ довузовскай үөрэҕирии Ассоциациятын бастайааннай секретариатын статуһун ылбыта. Билиҥҥи туругунан икки дойду өттүттэн Ассоциацияҕа 100-кэ оскуола киирэн турар. Ассоциация Арассыыйатааҕы секретариата бүтүн дойду үрдүнэн 62 кытай тылын үөрэтэр оскуолаларга куратордыыр, онтон 33-һэ – Саха сиринээҕи. Онон, Өрөспүүбүлүкэ бу Ассоциация актыыбынай чилиэнэ буолар.
Хабаровскайдааҕы КНР Генеральнай консульствотын өйөбүлүнэн наука, үөрэҕирии уонна култуура эйгэтигэр үлэлэһэр российско-китайскай региональнай Центр арыллыбыта. ХИФУ КНР 29 вузтарын кытта бырайыактары олоххо киллэрэр, олортон сүрүн партнердар – Хотугулуу-илиҥҥи Кытай Харбинскай политехническай университета, Хейлунцзянскай, Чаньчунскай научнай-техническай, Хейлунцзянскай илин университеттар. Абитуриеннар ХИФУ-га икки ситимнээх үөрэҕирии бырайыага үлэлиирин сэргиэхтэрин сөп, ол тутууга уонна филологияҕа бакалавриат бырагырааммата (Хейлунцзянскай илин университеты кытта) уонна 2023 сылтан «Мониторинг биологических ресурсов арктических экосистем северо-востока Азии» магистр бырагырааммата (Далянскай муора университета).
Профессиятын уонна үөрэнэр тэрилтэтин быһаарыммыт дьоҥҥо Харбиннааҕы политехническай университет базатыгар 2019 сылтан ХИФУ бастайааннай бэрэстэбиитилистибэтэ үлэиирин, оттон Кытайга Чаньчуньскай научнай-техническэй университекка, Хейлунцзянскай илин университекка уонна Цзилиньскэй педагогическай университекка үс нуучча тылын уонна култууратын Кииннэрэ баалларын туһунан информация тоҕоостоох буолуо.
ХИФУ биир саамай кэскиллээх бырайыага – Саха-Цзилиньскэй технологическай университеты олохтооһун. Манна бэлэмнэнии үлэтэ 2019 сыллаахтан ыытыллар.
Саҥа университет уонна норуоттар икки ардыларынааҕы устудьоннарынан атастаһыы культурнай-үөрэҕирии бырагырааммаларын, үөрэх стажировкаларын уонна да атын бырайыактары ХИФУ норуодтар икки ардыларынааҕы үлэлэһии Департаменыгар билсиэххэ сөп.
Бэлэмнээтэ Варвара ФИЛИППОВА, филол.н.х.
Тиэкискэ Уһук Илин уокурук Постпредствотын уонна ХИФУ сайтарыттан дааннайдар туһанылыннылар