Ол туһунан үөрэх уонна билим миниистэрэ Михаил Сивцев үөрэх үлэһиттэрин Атырдьах ыйынааҕы пленарнай мунньахтарыгар иһитиннэрдэ.
Былырыын республика «Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна официальнай тылларын харыстааһын» диэн судаарыстыбаннай бырагырааманы олоххо киллэриигэ 56 мөл. солк. ылан турар.
«Быйыл биһиги оскуолаларга саха тылын уонна литэрэтиирэтин учебниктарын саҥардыы үлэтин бүтэриэхпит уонна бу дьыл түмүгэр диэри бары оскуолалары хааччыйар соруктаахпыт. Ол иһигэр электроннай үөрэх кинигэлэрэ эмиэ киириэхтэрэ. Маны таһынан төрөөбүт тылы үөрэтиигэ онлайн-платформа оҥоһуллан үлэҕэ киириэхтээх», — диэн миниистир Михаил Сивцев иһитиннэрдэ.