Биһиги издательствобыт маннык ааттаах хамсааһыны сөргүтэргэ быһаарда.
Бүтүн республикатааҕы оҕо хамсааһына уонна “Бэлэм буол” хаһыат урукку кэмҥэ чулуу дьоммутун кытта оҕолор суруйсууларын көҕүлээбитэ. Ити суруйуулар барыта “Саха сирин пионердарыгар” диэн ааттаах кинигэҕэ түмүллүбүттэрэ. Бу үтүө үгэс салҕаныахтаах диэн санааттан биһиги оскуолалары кытта суруйсан эрэбит. Билиҥҥи кэм сиэринэн сурукка быдан түргэнник харда кэлэр. Онтон биһиги кэммит Геройдарын хардалара араас форматтаах кэлэн саҕалаатылар.
Бастакы сурукпут ис хоһооно маннык:
Ю.А.Гагарин – 5 классу
Баягинской средней школы
Дорогие мои друзья!
Сколько полезного вами сделано! Настойчивая учеба, большой и разносторонний общественно-полезный труд убедительно свидетельствуют о том, что ваш дружный коллектив проявляет много разумной инициативы, идет по верному ленинскому пути.
Дорогие ребята, набирайтесь знаний, воспитывайте в себе любовь к труду, дисциплинированность, твердую волю, закаляйте себя физически и тогда все дороги откроются перед Вами.
С горячим приветом
Ю. Гагарин,
Летчик-космонавт СССР
5.1.68.
Баайаҕа орто оскуолатыгар 1967-68 үөрэх дьылыгар 5-с кылааска үөрэммит оҕолоро 1968 сыл үүммүтүн кэннэ бастакы космонавт Юрий Алексеевич Гагарин суруга кэлбит үөрүүтүн бу баардыы өйдүүллэр. Ол туһунан бу күннэргэ оскуолаҕа билигин үөрэнэр 5-с кылаас үөрэнээччилэрэ иһитиннэрдилэр.
Кылаас салайааччыта Дарианна Владиславовна Сметаниналыын оҕолор оччотооҕу кэм оҕолорун буллулар. Ол о5олор кимнээҕий?
Учууталлара Данилова Анна Денисовна
1973 сыллаах выпускниктар:
Андросов Власий Павлович
Андроов Гаврил Софронович
Андросов Егор Ниеолаевич
Андросов Михаил Петрович
Андросов Петр Иосифович
Бабаранова Дария Ивановна
Белолюбская Парасковья Николаевна
Белолюбскай Егор Макарович
Дедюкин Гаврил Трфимович
Дедюкин Дмитрий Дмитриевич
Луковцев Арсен Арсентьевич
Луковцев Дмитртий Васильевич
Максимова Евдокия Захаровна
Мандаров Иннокентий Иннокентьевич
Мекумянов Иван Григорьевич
Неустроев Петр Гаврильевич
Слепцова Анна Михайловна
Тарабукина Людмила Дмитриевна
Чярина Раиса Ивановна
Оҕолор баар ахтыылары булбуттарыттан бүгүн бэчээттиибит.
Юрий Гагарин сырдыкка, үтүөҕэ сирдээбитэ
Оҕо сааспыт чаҕылхай,умнуллубат түгэнин санаан кэллим.
Алын кылааска үөрэнэ сылдьан, кыыһар кыһыл хаалтыһы баанан, пионердар кэккэлэригэр киирбиппит. Пионер баһаатайынан Т.И.Андросова үлэлиирэ, кинини оҕо барыта сөбүлүүрэ. Биһиги кылааспыт пионерскай этэрээтэ Юрий Алексеевич Гагарин үрдүк аатын сүгэрэ. Пионерскай сбордар, араас өрүттээх тэрээһиннэр тиһигин быспакка ыытылаллара.
Кылааспыт салайааччыта нуучча тылын учуутала Анна Денисовна Данилова арай биирдэ эттэ: «Оҕолоор, Ю.А.Гагаринна сурукта суруйуҥ эрэ.» Ону ылынан, кылааспыт иһигэр сүбэлэһэн баран сурук суруйдубут. Сотору соҕус буолаат, сурукпутугар харда тигинээн кэллэ. Бу 1967- 1968 сылларга этэ. Космоска бастакынан көппүт биллиилээх киһиттэн сурук тутан долгуйа үөрбүппүт.
Сурук килиэккэлээх тэтэрээт илииһигэр суруллубут, буочара үчүгэйэ сүрдээх этэ. «Ю.А. Гагарин» диэн илии баттааһыннаах этэ.
Сурук тутан, сүргэбит көтөҕүллэн үөрэхпитин, бэрээдэкпитин өрө тардыммыппыт. Оскуола пионерскай, тимуровскай үлэлэригэр куруук инники сылдьыбыппыт. Билигин санаатахха, Юрий Алексеевич Гагарин биһиги
сурукпутун наадалааҕынан ааҕан, ыраах Саха сирин кыракый дэриэбинэтигэр олорор оҕолорго, биһиэхэ, улахан болҕомтотун уурбут эбит.
Ол кылааска уерэммит оҕолор бары оскуолабытын этэннэ үөрэнэн бүтэрэн, олох суолугар үктэнэн, үлэһит дьон буолан, араас улэҕэ үлэлээн-хамсаан, сорохтор бочуоттаах сынньалаҥҥа олоробут.
Дария Ивановна Барабанова
Педагогическай үлэ бэтэрээнэ
Бу ураты кэрэхсэбиллээх олук ууруллубутун туһунан биһиги Россия Геройа, Государственнай Дума депутата, Юнармия бүтүн Россиятааҕы хамсааһын салайааччыта Роман Юрьевич Ромненкоҕа кэпсээтибит. Онуоха кини үгэһи салҕаан, Саха сирин оҕолоругар барыларыгар эҕэрдэтин ыытта.
Роман Юрьевич туһунан хас да уус-уран кинигэ суруллубута. Онтон биирдэрин, Лена Де Винне суруйбут «Мой папа космонавт» диэн кинигэтин бу куйаар куодунан киирэн атыылаһан ааҕыаххын сөп.
Романенколар дьиэ кэргэҥҥэ аҕа уонна уол иккиэн космонавтар. Роман Юрьевич аҕата Юрий Викторович космоска аан бастаан 1977 сыллаахха көппүтэ. Киниэхэ 2 төгүл Советскай Союз Геройун аата иҥэриллибитэ.
Бүгүҥҥү оҕолор космос уонна космонавтика туһунан туох өйдөбүллээхтэрий?
Баайаҕа 5-с кылааһын үөрэнээччилэрэ бэйэлэрин уруһуйдарын уонна Космонавтарга аналлаах суруйууларын ыыппыттарын таһаарабыт.
Эҕэрдэ буоллун ытыктыыр дьоммутугар Герой Космонавтарга!!!
Кэскиллээҕи кэрэһэлээн
Ыллыктааҕы ырыҥалаан
Толкуйдаабыккытын толорон
Саҕалаабыккыт үтүѳ түмүктэннин!
Υтүмэн элбэх үѳрүүнү, кэрэни, сырдыгы
Дьиэ кэргэнҥитигэр бѳҕѳ туругу баҕарабыт!
Дьон махталларынан, аламаҕай алгыстарынан арыалланан улэҕитигэр дьулууру, эстибэт эрчими!!!!
Сахалыы сайаҕас махталбытын тиэрдэбит!
Бары кэрэни, үтүѳнү кытта Баайаҕа орто оскуолатын 5-с кылааһын үѳрэнээччилэрэ.
Аныгыскы сырыыларга күн-дьыл, кэм кэрдии уларйыытыгар үтүрүйтэрбэккэ, сайдан, тупсан иһэр интэриэстээх дьон туһунан кэпсиэхпит.
Ольга Семенова