Бүгүн, ыам ыйын 29 күнүгэр, Өрөспүүбүлүкэтээҕи медиа-кииҥҥэ, буолаары турар «Саха сирин кэнчээри ыччатын Спартакиадатыгар» аналлаах пресс-кэмпириэнсийэ ыытыллынна. Спартакиада финальнай күрэхтэһиилэрэ бэс ыйын 6-10 күннэригэр Дьокуускайга уонна Горнай улууһугар ыытыллыахтара.
Кэмпириэнсийэ иннинэ спартакиада талисманын, мэтээллэрин, кубоктарын презентациялаатылар. Спортсменнар, волонтердар уонна судьуйалар таҥастарын көрдөрдүлэр. Бэдэр — Спартакиада официальнай талисмана. Кини хорсун, түргэн, тулуурдаах, дьаныардаах буолууну бэлиэтиир.
Пресс-кэмпириэнсийэҕэ кыттыыны ыллылар: Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэххэ уонна наукаҕа миниистирин бастакы солбуйааччыта Алевтина Петровна Аргунова, «Юные Якутяне» Өрөспүүбүлүкэтээҕи ресурснай центр дириэктэрин солбуйааччыта Александр Романович Брызгалов, Спартакиада сүрүн судьуйата Юрий Сергеевич Балаганский.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэххэ уонна наукаҕа миниистирин бастакы солбуйааччыта Алевтина Петровна Аргунова:
«Саха сирин кэнчээри ыччатын Спартакиадата биһиэхэ иккис төгүлүн ыытыллар. Спартакиада чэрчитинэн быйыл 29 көрүҥҥэ араас таһымнаах күрэхтэһиилэр буолан аастылар. Бэс ыйын 6 күнүттэн финальнай күрэхтэһиилэргэ 35 оройуонтан 1778 спортсмен, 410 представитель, 150 судьуйа кыттыыны ылыахтара. Улахан, киэҥ далааһыннаах тэрээһин буолаары турар. Былырыыҥҥы Спартакиада түмүгүнэн быйыл Нам улууһугар ыытыллыахтаах этэ. Ыксаллаах быһыы майгы балаһыанньатынан сибээстээн, оргкомитет быһаарыытынан быйылгы Спартакиаданы Дьокуускай куоракка ыытыллар. Уонна чугас сытар Горнай улууһун стадионугар чэпчэки атлетика көрүҥнэрэ ыытыллыахтара. Спартакиада үөрүүлээх арыллыыта бэс ыйын 7 күнүгэр Доҕордоһуу болуоссатыгар буолуоҕа. Манна бастакытын Спартакиада өрөгөйүн ырыата ыллыаныа».
«Юные Якутяне» Өрөспүүбүлүкэтээҕи ресурснай центр дириэктэрин солбуйааччыта Александр Романович Брызгалов:
«Спартакиада 3 түһүмэхтээх. Бастаан оскуола иһинэн ыытыллар, онтон улуус иһинэн, ол кэнниттэн кыайыылаахтара Өрөспүүбүлүкэ таһымыгар кэлэн күрэхтэһэллэр. Быйылгы Спартакиадаҕа уопсайа 69 тыһ. тахса оҕо кыттыыны ылла. Программаҕа уопсайа 29 көрүҥ баар, онтон финальнай күрэхтэһиилэргэ 9 көрүҥ киирдэ. Ол курдук: бокса, көҥүл тустуу, оҕунан ытыы, чэпчэки атлетика, мас тардыһыыта, дуомат, саахымат уонна гиирэ спордугар оҕолор күрэхтэһиэхтэрэ».
Спартакиадаҕа бастаабыт хамаандаҕа 250 тыһ., иккис миэстэҕэ 150 тыһ, үһүс миэстэҕэ 100 тыһ. солкуобай сертификаттары туттарыахтара. Хамаандалар 4 бөлөҕүнэн арахсан күрэхтэһиэхтэрэ. Спартакиада быйылгы уратыта 31 спорт көрүҥнэригэр бастыҥ тренердары ааттыахтара уонна кинилэргэ 100 тыһ. бириэмийэ туттарыахтара.
Сиһилии бу туһунан аллараа видеосюжекка көрүҥ!