Бэрэсидьиэн Владимир Путин көҕүлээбит «Культура» национальнай бырайыагын чэрчитинэн, тыа сирин икки библиотеката модельнай ирдэбилинэн хааччыллыыга биэстии мөлүйүөн солкуобайы ылыахтара. Бу туһунан СӨ култуура министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Чурапчы улууһун Төлөй уонна Мэҥэ Хаҥалас Нөөрүктээйитин библиотекалара национальнай бырайыак эбии куонкуруһун кыайыылаахтарынан буоллулар. Үп 2021 сыл түмүктэниэҕэр диэри дойду бырабыыталыстыбатын пуондатыттан Россия култуура министиэристибэтигэр түһүөҕэ.
«Библиотекалар модельнай ирдэбилинэн оборудованиены саҥардыыга биэстии мөлүйүөн солкуобайы ылыахтара. Онон үс сыл иһигэ өрөспүүбүлүкэҕэ 22 модельнай библиотека баар буолуоҕа. Бу үпкэ кинигэ пуондатын саҥардыахтара, саҥа хаачыстыбалаах өҥөнү оҥорор анал аныгы оборудованиены атыылаһыахтара, ол курдук, 3D-кинотеатрдар, сенсорнай экраннар, интерактивнай муоста, доруобуйаларыгар хааччахтаах уонна кыра саастаах оҕолорго сайыннарар оонньуулар», — диэн култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирин э.т. Владислав Левочкин иһитиннэрдэ.
Быйыл алтынньы-сэтинньи ыйдарга «Культурная среда» национальнай бырайыак чэрчитинэн уопсайа 45 мөлүйүөн солкуобайдаах 11 модельнай библиотеканы аһыахтара. Сыл бастакы аҥарыгар өрөмүөн үлэтэ саҕаламмыта.
Ол курдук, Төлөй уонна Нөөрүктээйи библиотекаларын таһынан Хаҥалас, Алдан, Горнай, Миирнэй, Үөһээ Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас, Өлөөн, Ленскэй уонна Дьокуускай куорат библиотекаларын тэриллэрин саҥардыахтара.