Учуутал барыта оҕо ситиһиилэнэрин туһугар кыһаллар. Араас олимпиадаҕа, күрэххэ кытыннаран, үөрэнээччи өйө-санаата сайдарыгар кыах биэрэр. Биир оннук үтүө холобурдаах оскуоланан Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт буолара саарбаҕа суох. Ол туһунан Россиятааҕы уонна норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах турнирдарга үөрэнээччилэр ситиһиилэрин сырдатар пресс-конференцияҕа кэпсээтилэр.
“ШУНТ” (физика күрэҕэ)
Быйыл Киров куоракка физикаҕа бүтүн Россиятааҕы “ШУНТ” (школьный учебно-научный турнир) VI төгүлүн ыытылынна. Өрөспүүбүлүкэ лиссиэйин үөрэнээччилэрэ Вадим Щукин, Сандал Мартынов (VII кыл.), Арсен Шумилов, Степан Ефимов (VIII кыл.), Георгий Санников, Виктория Николаева (IX кыл.) II миэстэҕэ тиксэн, улахан үөрүүнү аҕаллылар. Оҕолору физика учуутала Р.Г. Дьяконов арыаллаан илдьэ сырытта. Күрэх иһинэн ыытыллар биирдиилээн киирсии олимпиадатыгар Вадим Щукин бастакы миэстэҕэ тигистэ. Туох баар сыраларын уурбут учууталлар В.Ф. Потапов, П.И. Ноговицын, А.И. Слепцов, Р.М. Готовцев, Г.В. Баишев, Р.Г. Дьяконов, Л.Д. Федорова үлэлэрэ үтүө түмүктэннэ.
Гаврил Васильевич Баишев, үрдүкү категориялаах физика учуутала:
- Бу күрэх 2014 сылтан ыытыллар. Онтон ыла өрөспүүбүлүкэбит сылын ахсын көтүппэккэ кыттар. Арассыыйа араас муннугуттан отучча хамаанда күөн көрсөллөр. Быйыл садаачалары оҥорууга Челябинскай куораттан Россия сүүмэрдэммит хамаандатын физикаҕа тренерэ М.Л.Карманов кыттыспыт. Дьэ, онон, интэриэһинэй уонна уустук буолан биэрдэ. Ол курдук, усулуобуйалара хайдах буолуохтааҕа биллибэт. Бэлэмнэнэргэ матырыйаал уонна анал оборудование суоҕа ыгар. Ону тэҥэ, оскуола теоретическай садаачаларынан өрүү муҥурданар буолан, айылҕа көстүүтүгэр сыһыарбаппыт сытар. Ол да буоллар, оҕолорбут үрдүк ситиһиилэнэн кэллилэр. Өрүү иннибитигэр сылдьар Санкт-Петербург 239 №-дээх Президент физико-математическай лиссиэйин хамаандатын кытта тэҥнэстилэр. Эһиилги турнирга бастыыр иһин дьулуһарга сыал-сорук туруордубут.
Радимир Гаврильевич Дьяконов, физика учуутала:
− Олорор уонна күрэхтэһэр сирбит барыта чугас-чугас турар буолан, олус табыгастаах этэ. Араас түгэннэр буолаллар. Оҕолор сөпкө суоттаабыттарын, дьүүллүүр сүбэ бэйэтэ сыыһыан эмиэ сөп. Биһиги хамаандабыт олус түмсүүлээхтик үлэлээбитэ. Түүннэри утуйбакка суоттаан, маннык үчүгэй көрдөрүүлэннэ.
Георгий Санников, хамаанда хапытаана:
- Бу турнирга кыттыах иннинэ тэрийээччилэр биһиэхэ дьиэҕэ үлэни ыыталлар. Сэтинньи ыйга туппуппут. “Фонтан в муке”, “Бумажная гусеница”, “Световая паутина”, “Съедобная лава-лампа”, “Липкая вода”, “Мерцающая лампа”, “Пузыри на бумаге” диэн интэриэһинэй ааттардаах сорудахтар бааллара. Чэпчэки, орто, уустук диэн арааран, кылаастарынан үллэстэн толорбуппут. Хас биирдии садаачаҕа тус-туһунан учуутал көмөлөһөр.
Вадим Щукин, VIII кылаас үөрэнээччитэ:
- Санаабар, быйыл биирдиилээн киирсии олимпиада сорудахтара чэпчээбит курдуктар. Тоҕо диэтэххэ, теоретическай садаача аҕыйаабыт. Ол олус ыарахан буолааччы. Мин бастакы садаачабын өр толкуйдаан оҥорон, иккиспэр бириэмэм тиийбэккэ хаалбыта.
“Mind over matter” диэн дьиэтээҕи сорудаҕы Степан Ефимов сиһилии кэпсээтэ. Онтон уопутун Арсен Шумилов көрдөрдө. Фокусниктар элбэхтик кыайа-хото туттар ньымалара буолан биэрдэ. Арсен пенопласт дьааһыгы уһун соҕустук ытыһынан аалла. Оччотугар чааскы саҕа алюминий иһит кини ытыһын сылааһын батыһара, биитэр онтон куотара барыбытын сөхтөрдө. Бу барыта айылҕа солбуллубат сокуона буоллаҕа. Ол видеону манна көрүөххүтүн сөп.
“УТЮМ” (математика күрэҕэ)
Ону таһынан эмиэ Киров куоракка Норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах “УТЮМ” күрэхтэһии буолла. Сүүмэрдэммит хамаандаҕа VI-VIII кылаастартан өрөспүүбүлүкэ бастыҥ математиктара (физико-техническэй лиссиэйтэн Максим Крылыков, Дима Алексеев, өрөспүүбүлүкэ лиссиэйиттэн Айтал Ноговицын, Вадим Щукин, Ян Васильев, Давид Николаев) иккис миэстэ буолан кэллилэр.
Эрчимэн Дмитриевич Избеков, математика учуутала:
− Быйыл турнир 55-с төгүлүн буолла. Күһүнүн орто Россия куораттарыгар көһө сылдьар, оттон сааһын өрүү үгэс курдук Киров куоракка ыытыллар. Оҕолор олох куһаҕана суохтук кытыннылар, бэйэлэрин көрдөрдүлэр. Москва 444 №-дээх оскуолатын хамаандата бастаата. Россия таһымнаах биирдиилээн киирсии олимпиадатыгар Айтал Ноговицын иккис сылын призердаата.
Марианна Михайловна Малышева , ФТЛ учуутала, салайааччы:
− “УТЮМ” 1993 сылтан буолар. Быйыл Россия 25 араас куораттарыттан 90 хамаанда кытынна. Олус үчүгэй тэрээһиннээх турнир буолла. Биир нэдиэлэ устата үс лигаҕа арахсан ыытылынна. Бастакы күннэрбитигэр биирдиилээн киирсии уонна хамаанданан олимпиадалар буолбуттара. Хамаанданан олимпиада түмүгүнэн биһиги иккис лигаҕа киирэн оонньуубут саҕаламмыта. Сорудахтары киһи боростуой диэбэт. Олох атын таһымнаахтар. Биһиги оҕолорбут атын кыттааччылары көрөн, элбэххэ үөрэннилэр. Хамаанда хапытаана олус эппиэтинэстээх оруоллаах. Вадим ону бэркэ толордо диэн бэлиэтиэм этэ.
Хамаанда оҕолоро:
- Биһиги турнир устата 4 “матбойга” кыттынныбыт. Аан бастаан Барнаул хамаандатын кытта күөн көрсөн кыайбыппыт. Иккис Омскайдары кытта этэ. Эмиэ хоппуппут. Онтон үһүстээн Москва саамай күүстээх хамаандатын кытта киирсибиппит. “Матбойдартан” ураты биһиги култуурунай тэрээһиннэргэ, экскурсияларга сылдьыбыппыт.
Ааптар: Вера Петрова.