Сир-дойду эгэлгэ дьиктитин киһи ааҕан сиппэт. «Дьиктилэр.Дьиибэлэр.Дьээбэлэр” диэн 1981с. тахсыбыт кинигэтигэр Ф.П.Ефимов балачча элбэх көстүү туһунан матырыйаалы хомуйбут.
Үс атахтаах кус
Эһиги көтөр кынаттаах үс атахтаах буоларын көрбүккүт-истибиккит дуо? Айылҕаҕа киһи дьиибэргиирэ көстөөччү. 1977 сыл күһүн Степан Аржаков аатынан совхоз Чочутааҕы отделениетын рабочайа Г.Ф. Макаров Бакамах күөлгэ саалана сылдьан, үс атахтаах чөркөйү өлөрбүтэ. Чөркөйү бэйэтин көрдөххө, туох да уратыта суох. Икки атахтара атах курдук оннуларыгар бааллар. Үһүс атаҕа кутуругун төрдүнээҕи уҥуоҕуттан туора үүнэн тахсыбыт: окумаллаах, сотолоох, түөрт тарбахтаах, араҕас өҥнөөх, атын атахтарыттан кээмэйинэн кырата суох. Атына диэн былчыҥнара ситэ сайдыбатахтар.
Айылҕа бу дьикти көтөрүн Г.Ф. Макаров Бүлүү оройуонугар Чочу оскуолатын мусуойугар бэлэхтээбитэ экспонат быһыытынан уурулунна.
Ньурба улууһун Акана нэһилиэгэр Дмитрий Спиридонов диэн киһи эмиэ үс атахтаах моонньоҕону өлөрбүтэ. Үһүс атаҕа атын икки атаҕыттан туох да уратыта суох этэ.
Юрскай период саҕана сыылааччылар көтөр кынаттаналларын, мастан дайан баран хатааста түһэллэрин саҕана сорох сыылааччылар үһүс атахтана сылдьыбыттар эбит. Ол үһүс атахтара маска хатанан тахсалларыгар, охтубаттарыгар туһалыыра.
Ураты бөдөҥ тобурах
1925 сыллаахха от ыйын 25 күнүгэр Бүлүү трассатыгар баар Иккис Одуну уонна Атамай нэһилиэктэринэн 3 биэрэстэ кэтиттээх сири хабан, этиҥнээх ардах ааспыта. Кус сымыытын саҕа бөдөҥ тобурах күүскэ түһэн, түннүктэр таастарын, таһырдьа олбуор иһигэр хаалбыт туос иһиттэри барытын тоҕута түспүтэ. Чугастааҕы биир күөлтэн дьоннор 60-ча өлбүт кустары булуталаабыттара. Тобурах дьөлүтэ түһэн өлөртөөбүт куобахтарын уонна куртуйахтарын, улардарын да тыаттан булуталаабыттара. Сүөһүлэр көхсүлэрэ дэлби испит этэ.
Дьолго этиҥнээх ардах түүн ааспыта, дьоннор эмсэҕэлээбэтэхтэрэ. Сири туртатар гына түспүт тобурах иккис күнүгэр эрэ ууллубута.
Анюта Андреева-Күндүүнэ бэлэмнээтэ.