Муус устар иккис баскыһыанньатыгар Саха сиригэр бэһис төгүлүн Уол оҕо күнэ бэлиэтэнэр.
Саха киһитэ уол оҕону эр киһилии иитиитигэр сүрүн болҕомтотун уурар. Эр киһи аал уоту оттооччу, алаһа дьиэни тэрийээччи, булааччы-талааччы, ыал халыҥ хаххата, суон дурдата буолар.
Онтон саха оҕото аҕатын кыра эрдэҕиттэн батыһа сылдьан булка-аска, үлэҕэ-хамнаска уһуйуллар. Уол оҕо — аҕатын туйаҕын хатарааччы.
Эр киһи – олоҕу хамстатар күүс.
Уол оҕо — норуот кэскилэ.
Онон уол оҕо иитиитигэр норуот уонна уопсастыба иннигэр улахан сорук турар.
Эр бэртэри, уолаттары бэлиэ күнүнэн эҕэрдэлиибит! Ситиһиилээх, күүстээх санаалаах, мындыр толкуйдаах, киэҥ көҕүстээх буолуҥ!