Сэбиэскэй былааска төрөөн, олорон ааспыппытын биһиги көлүөнэ олус үчүгэйдик, күндүтүк саныыбыт уонна дьоллоох дьоннорунан ааҕынабыт. Оччолорго октябрёнок, пионер, комсомол буолуу — дьолго тиксии курдук буолара.
1964 сыллаахха, Өктөөп бырааһынньыгар пионерга киирбиппит, ити төрдүс кылааска, Дүллүкү оскуолатыгар этэ. Дьүөгэм Света Афанасьева лиис аҥаарыгар «Телеграмма» диэн пионерга киирбиппин эҕэрдэлээн сурук биэрбитин билиҥҥэ диэри уура сылдьабын. Оччолорго аккырыыкка да суох быһыылааҕа.
Кып-кыһыл хаалтыс маанан баран, ис-испититтэн үөрэн туран үөрэнэрбит, көххө кыттарбыт. Оскуолаҕа хаалтыһа суох кэлбит оҕону дьиэтигэр баран «хаалтыcкын маанан кэл» төттөрү ыыталлара. Хаалтыс бэрээдэги хас биирдии оҕоттон ирдиирэ.
Пионерскай сборга мустуу, туһугар бырааһынньык буолара. Оскуола оҕото бары
маҥан булууһаны кытта кып-кыһыл хаалтыс маанан кэлэн горн, барабаан тыаһынан биир тэҥник хааман, ырыа ыллаан киирэн, биир тэҥ линиэйкэ буолан турдахпытына, этэрээт хамандыыра сүрүн баһаатайга этэрээккэ хас киһи баарын араапардыыра.
Оскуоланы бүтэрбит үбүлүөйдээх тэрээһиннэргэ муһуннахпытына, пионер сааспытын ахтан ааһабыт. Улуу эһэбит Ленин тэрийбит пионерскай холбоһуга үөрэнээччилэри чиэһинэй, үтүө үлэһит, эппиэтинэстээх буоларга үөрэппитэ, билигин олорор олохпор төһүү буолар.
Уруй-айхал, Саха сиригэр Пионерия төрүттэммит күнүнэн!
Александра Прокопьева, Ороһу.